Хамаҕаттаҕа — Дьахтар сайынын дьэдьэннээх мичээрэ

Share

Бу күннэргэ норуот синоптига Тускул билгэтэ бигэргэтиллэн, «Дьахтар сайына» дэнэр  ичигэс, сырдык чаҕылхай күннээх көмүс күһүн үтүөкэннээх кэмэ кэлэ турар.

Дьэ, бу маннык кэмҥэ түбэһиннэрэн, тыа сирин дьахтарын биир күнүн туһунан Хамҕаттатааҕы «Тупсууна» дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Мария Аманатова-Сандаара Баат маннык кэпсээтэ:

Хаартыска -- Мария Аманатова тиксэриитэ

Норуот синоптигынан биллэр Тускул «Дьахтар сайына» баар, сотору кэлиэ» диэн сөпкө да эппит эбит  —  бу үтүөкэннээх кэмҥэ түбэһиннэрэн, мин бүтэһик дьэдьэммин хомуйдум.

Баҕар, эбии  ичигэс күн-дьыл турдаҕына, өссө биирдэ хомуйуом.

Мин кыстыыр дьэдьэни олордубутум аҕыс сыл буолла. Дьон  бэйэтэ кэлэн хомуйар буолбута үһүс сыла.

Дьоҥҥо сайыҥҥы минньигэс амтаннаах, дыргыйар  сыттаах дьэдьэни бэйэлэригэр хомуйтарар туспа үөрүү. Ити кэмҥэ ураты дьикти ахтылҕан саҕыллар:  оҕо сааһы санаһыы, эдэр сааһы эргитии. Дьонум ойуурга тахсан дьэдьэннээбит саҕа сананаллар. Оттон тэлгэһэттэн хомуйуу — бэрт дьарык.

Быйыл күн уһаан, дьэдьэним билигин да үүнэ турар.

Бытааннык да буоллар, кытаран, сыта-сымара дыргыйар. Онон биһиги, дьахталлар, Ийэ Айылҕаттан «Дьахтар сайынын өссө да уһата түс дуу…» диэн көрдөһөбүт.

What’s your Reaction?
+1
18
+1
0
+1
1
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Боксер Василий Егоров спортивнай карьератын кыайыынан түмүктээтэ

Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…

5 минут ago
  • Сонуннар

Барыһы батыһар кафелар…

Дьон аһыыр сирин арыйан биисинэс тэринии өрүү харчыны киллэрэр. Бүтэһик сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ дьоппуон, кытай, узбекистан,…

36 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга оптуобустар үлэлэринэн суһал лииньийэ үлэлиир

Дьокуускайдааҕы суол-тырааныспар сулууспатын телеграм-ханаалыгар маршрутнай оптуобустар үлэлэрин хонтуруоллуур суһал лииньийэҕэ биир күн устата киирбит ыйытыылары…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хапкааны салапааҥҥа уган

Аҕыйах хонуктааҕыта Майа сэл. олохтооҕо, “СӨ ОДьКХ” ГУП Мэҥэ Хаҥаластааҕы филиалын тутаах үлэһитэ Иннокентий Неустроев…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр ойуур баһаардарын туһунан киинэ көстүөҕэ

Саха сиригэр ойуур баһаардарын умуруоруу туһунан "Пожары Якутии: спасаем лес во имя будущего" диэн документальнай…

2 часа ago
  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

2 часа ago