Нам улууһугар Хамаҕатта нэһилиэгэ олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа өрүү кыттар.
Ол курдук, нэһилиэккэ ыһыахтыыр паарка саҥардыллыбыта, Кыайыы 40 сыла уулусса сырдатыллыбыта, «Албан аат» искибиэр икки түһүмэҕинэн тутуллубута, соһуллар грейдер ылбыттара, М.К. Аммосов аатынан уулусса өрөмүөнэ оҥоһуллубута, сайыҥҥы уу ситимин саҥардыытыгар тутуу матырыйаалын ылбыттара.
Быйыл нэһилиэнньэҕэ куоластааһынан кыайыылааҕынан тахсыбыт Хамаҕатта нэһилиэгэр киириигэ уоттаах-күөстээх, тупсаҕай оҥоһуулаах стела үлэҕэ киирдэ.
Бырайыак дизайнын олохтоохтор бэйэлэрэ оҥорбуттар. Куонкуруска Оротоо Сандаара Саха Аар кыыһа үлэтэ кыайбыт. Ол кэннэ улуус архитектора Анна-Мария Степанова ити үлэни көмпүүтэргэ таҥмыт. Михаил Гуляев салайааччылаах «ГМ Групп» тэрилтэ бэдэрээччит быһыытынан ылсан, хамаҕатталар баҕа санааларын олоххо киллэрдэ.
Бу туһунан Нам улууһун пресс-сулууспата улуустааҕы дьаһалта ТГ-ханаалыгар сырдатта.
Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата Арктика уонна норуоттар дьыалаларын министэристибэтигэр тымныытынан аатырар Өймөкөөн улууһа Арктическай…
Арассыыйаҕа аҕам саастаахтарга биэнсийэ коэффициеныттан уонна страховой ыстааһыттан көрөн биэнсиэйэ төлөбүрүн аҕам саастарын туолбуттарга аныыллар.…
Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии…
Арассыыйа Социальнай пуондатын Саха сиринээҕи салаата инбэлииттэргэ ОСАГО 50%- нын толуйар. Төлөбүр сыл устата биир…
Ахсынньы 12 күнүгэр эбиэттэн киэһэ 16 чаас саҕана 378-Нерюнгри айан суолугар суол быһылаана таҕыста. Бу…
Сарсын, ахсынньы 14 күнүгэр, киэһэ 17.00 чаастан «Триумф» успуорт уораҕайыгар «Хотугу сир ыҥырыыта»/«Вызов Севера» профессиональнай…