Хамнас алын кээмэйэ 16,6% үрдээтэ
Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн 16,6% үрдээтэ уонна 22440 солкуобайга тэҥнэстэ диэн Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Судаарыстыба бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, муҥутуур хотугу эбилик усулуобуйатыгар (80%) МРОТ тэҥнэһэр:
— 1,7 оройуоннааҕы коэффициеннээх оройуоннарга 56 100 солкуобай;
— 2,0 оройуоннааҕы коэффициеннээх оройуоннарга — 62 832 солкуобай.
Бүддьүөккэ киирсибэт, ону тэҥэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, МРОТ үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах. 2025 сылга бу көрдөрүү 29187 солкуобайга тэҥнэһэр. Саха сирин баһылыга бу иннинэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии туһунан иһитиннэрбитэ.
Тохсунньу 1 күнүттэн доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, социальнай эйгэ уонна култуура үлэһиттэрин хамнастара эмиэ үрдүүр. Бу сыалга бүддьүөттэн 19 млрд солкуобай кэриҥин ыытыахтара. Ону тэҥэ МРОТ таһымынан хамнас ылааччыларга 16,6 бырыһыанынан үрдүүр, атын категорияларга — 5,7%.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: