Хамнас алын кээмэйэ 16,6% үрдээтэ

Share

Саха сиригэр хамнас алын кээмэйэ (МРОТ) бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн 16,6% үрдээтэ уонна 22440 солкуобайга тэҥнэстэ диэн Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Судаарыстыба бүддьүөтүттэн үбүлэнэр тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, муҥутуур хотугу эбилик усулуобуйатыгар (80%) МРОТ тэҥнэһэр:

— 1,7 оройуоннааҕы коэффициеннээх оройуоннарга 56 100 солкуобай;

— 2,0 оройуоннааҕы коэффициеннээх оройуоннарга  — 62 832 солкуобай.

Бүддьүөккэ киирсибэт, ону тэҥэ федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр  тэрилтэлэр үлэһиттэригэр, МРОТ үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуо суохтаах. 2025 сылга бу көрдөрүү 29187 солкуобайга тэҥнэһэр. Саха сирин баһылыга бу иннинэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтии туһунан иһитиннэрбитэ.

Тохсунньу 1 күнүттэн доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, социальнай эйгэ уонна култуура үлэһиттэрин хамнастара эмиэ үрдүүр. Бу сыалга бүддьүөттэн 19 млрд солкуобай кэриҥин ыытыахтара. Ону тэҥэ МРОТ таһымынан хамнас ылааччыларга 16,6 бырыһыанынан үрдүүр, атын категорияларга — 5,7%.

What’s your Reaction?
+1
7
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр «Госуслуги.Дом» мобильнай сыһыарыынан 48 тыһ. тахса киһи туһанар

Саха сиригэр «Госуслуги.Дом» мобильнай сыһыарыы туһанааччытын ахсаана 48 тыһыынчаттан тахса киһи буолла. Бу туһунан ОДьКХ уонна…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Олунньу 1 күнүгэр диэри биир кэлим эксээмэни туттарааччылар сайабылыанньаларын биэриэхтээхтэр

Быйыл биир кэлим эксээмэни туттарааччылар олунньу 1 күнүгэр диэри сайабалыанньаларын биэриэхтээхтэрин туһунан Үөрэҕи, билими кэтээн…

18 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга оптуобус суоппара көҥүлэ быһылынна

Дьокуускай куорат борокуратууратын ирдэбилинэн 57 саастаах эр киһи холуобунай дьыалатыгар суут судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө.  Кини алҕас киһини…

33 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха тыйаатырыгар “Тулаайах оҕо” испэктээги туруоруохтара

Үүммүт 2025 сылга Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ. Быйылгы үбүлүөйдээх сылга…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Якутия” хампаанньа рейстэригэр 50 бырыһыаннаах чэпчэтиинэн төһө оҕо туһанна?

2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “Якутия” авиахампаанньа 2-12 саастаах оҕолорго 50 бырыһыан чэпчэтиилээх билиэти биэриини…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылайыы туругуттан хайдах тахсабыт?

Таһырдьа тахсааты кытта тохсунньу тумана “кууһа” түһэр, эбиитин күнэ суох буолан эппит-сииммит утуйуон, сынньаныан баҕарар,…

2 часа ago