Хамнас алын кээмэйэ 18,5% үрдүөҕэ

Хамнас алын кээмэйэ 18,5% үрдүөҕэ

17.11.2023, 10:17
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Госдуума пленарнай мунньахха иккис уонна үһүс ааҕыытыгар үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) үрдэтэр туһунан сокуон барылын ылынна. Онон, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ кээмэйэ 19 242 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн «Коммерсантъ» суруйар.

Билигин МРОТ кээмэйэ 16 242 солкуобайга тэҥнэһэр. Кэлэр сылтан 18,5%, ол эбэтэр, 3 тыһыынча солкуобайынан үрдүөҕэ. Бу үрдээһин түмүгэр 4,8 мөлүйүөн киһи хамнаһа үрдүөҕэ диэн сабаҕалыыллар.

Ону тэҥэ, МРОТ кээмэйиттэн үлэтэ суохтар, хат дьахталлар босуобуйалара, «больничнай» ааҕыллыыта, о.д.а. төлөбүрдэр тутулуктаахтар.

Бу сокуон барылын бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, РФ бырабыыталыстыбата балаҕан ыйын 29 күнүгэр Госдуумаҕа бэлэмнээн  киллэрбитэ. Үбүлээһинэ 2024-2026 сыллааҕы федеральнай бүддьүөт бырайыагар киирэн турар.

Манна эбэн эттэххэ, хотугу эбилик уонна оройуоннай коэффициент эбиллэр буолан, Саха сиригэр МРОТ кээмэйэ үрдүк. Холобур, 2023 сылга олохтоммут МРОТ кээмэйэ: 1,7 коэффициеннаах — 40 605  солкуобай, 2,0 коэффициеннаах — 45 478 солкуобай этэ. Билигин бу суума өссө үрдүөхтээх.

+1
5
+1
2
+1
2
+1
0
+1
3
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
29 апреля
  • -2°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 43% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: