Хаартыска: СИА
Госдуума пленарнай мунньахха иккис уонна үһүс ааҕыытыгар үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) үрдэтэр туһунан сокуон барылын ылынна. Онон, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ кээмэйэ 19 242 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн «Коммерсантъ» суруйар.
Билигин МРОТ кээмэйэ 16 242 солкуобайга тэҥнэһэр. Кэлэр сылтан 18,5%, ол эбэтэр, 3 тыһыынча солкуобайынан үрдүөҕэ. Бу үрдээһин түмүгэр 4,8 мөлүйүөн киһи хамнаһа үрдүөҕэ диэн сабаҕалыыллар.
Ону тэҥэ, МРОТ кээмэйиттэн үлэтэ суохтар, хат дьахталлар босуобуйалара, «больничнай» ааҕыллыыта, о.д.а. төлөбүрдэр тутулуктаахтар.
Бу сокуон барылын бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, РФ бырабыыталыстыбата балаҕан ыйын 29 күнүгэр Госдуумаҕа бэлэмнээн киллэрбитэ. Үбүлээһинэ 2024-2026 сыллааҕы федеральнай бүддьүөт бырайыагар киирэн турар.
Манна эбэн эттэххэ, хотугу эбилик уонна оройуоннай коэффициент эбиллэр буолан, Саха сиригэр МРОТ кээмэйэ үрдүк. Холобур, 2023 сылга олохтоммут МРОТ кээмэйэ: 1,7 коэффициеннаах — 40 605 солкуобай, 2,0 коэффициеннаах — 45 478 солкуобай этэ. Билигин бу суума өссө үрдүөхтээх.
Саха төрүт аһа. Көбүөрдээх лэппиэскэни сөбүлүүгүт дуо? Оттон сыаҕа буспут лэппиэскэни амсайбыккыт дуу? Маныаха Е.Ф.Кузьмина "Саха…
Үс сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн торумнааһыҥҥа Саха сирин Бырабыыталыстыбата тутаах хайысхаларга гражданнары социальнай өйөөһүнү үбүлээһин…
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр туристическай инфраструктураны сайыннарыыга биир кэлим субсидияны биэриигэ сүүмэрдииллэр. Бу дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин…
Ил Түмэҥҥэ “2026 сылга, 2027 уонна 2028 сыллардааҕы былааннаммыт кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан”…
Степан Саргыдаев, Чурапчы улууһун баһылыга: --Чурапчы нэһилиэгин баһылыгыттан саҕалаан улуус баһылыгынан талыллан баһылыктыы уонна өрөспүүбүлүкэ…
Саха сиригэр бу бырайыак иитинэн өрөспүүбүлүкэ 1049 олохтооҕо үөрэнэр. --Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун үөрэтии 82 бырагырааманан тэрилиннэ.…