Хамнас алын кээмэйэ 18,5% үрдүөҕэ

Share

Госдуума пленарнай мунньахха иккис уонна үһүс ааҕыытыгар үлэ төлөбүрүн алын кээмэйин (МРОТ) үрдэтэр туһунан сокуон барылын ылынна. Онон, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн МРОТ кээмэйэ 19 242 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ диэн «Коммерсантъ» суруйар.

Билигин МРОТ кээмэйэ 16 242 солкуобайга тэҥнэһэр. Кэлэр сылтан 18,5%, ол эбэтэр, 3 тыһыынча солкуобайынан үрдүөҕэ. Бу үрдээһин түмүгэр 4,8 мөлүйүөн киһи хамнаһа үрдүөҕэ диэн сабаҕалыыллар.

Ону тэҥэ, МРОТ кээмэйиттэн үлэтэ суохтар, хат дьахталлар босуобуйалара, «больничнай» ааҕыллыыта, о.д.а. төлөбүрдэр тутулуктаахтар.

Бу сокуон барылын бэрэсидьиэн Владимир Путин сорудаҕынан, РФ бырабыыталыстыбата балаҕан ыйын 29 күнүгэр Госдуумаҕа бэлэмнээн  киллэрбитэ. Үбүлээһинэ 2024-2026 сыллааҕы федеральнай бүддьүөт бырайыагар киирэн турар.

Манна эбэн эттэххэ, хотугу эбилик уонна оройуоннай коэффициент эбиллэр буолан, Саха сиригэр МРОТ кээмэйэ үрдүк. Холобур, 2023 сылга олохтоммут МРОТ кээмэйэ: 1,7 коэффициеннаах — 40 605  солкуобай, 2,0 коэффициеннаах — 45 478 солкуобай этэ. Билигин бу суума өссө үрдүөхтээх.

What’s your Reaction?
+1
5
+1
2
+1
2
+1
0
+1
3
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Оскуолаттан ноутбук уордулар

Ис дьыала министиэристибэтин Дьокуускайдааҕы 2-с нүөмэрдээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар, бу күннэргэ оскуола үлэһититтэн  ноутбук…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өймөкөөн улууһугар Куйдуһун саҥа муостатынан быстах кэмҥэ айан суола олохтонно

Өймөкөөн улууһугар тутулла турар Куйдуһун муостатын тутар бэдэрээтчит  «СтройМост» ХЭУо бүгүҥҥүттэн, ыам ыйын 15 күнүттэн, …

31 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

КАЗАХТАР УОННА УҺУК ИЛИН, СААХАР УОННА ХАППЫТ БУОР…

Ааҕыыттан дьиҥ дуоһуйууну бэлэхтиир сахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал муус устардааҕы нүөмэригэр ааҕыҥ: -…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өлүөхүмэҕэ ууга барбыт нэһилиэктэргэ 600 киилэ гуманитарнай көмө тиийдэ

"Лена" суһал бөлөх ЫБММ Хабаровскайдааҕы авиационнай-быыһыыр киин бөртөлүөтүнэн Өлүөхүмэ улууһун Кыыллааҕар уонна 1-кы Нөөрүктээйитигэр нэһилиэнньэлээх…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Мин кыраайым – мин киэн туттуум” кэнсиэр ытыс тыаһынан доҕуһуолланна

Ыам ыйын 12 күнүгэр “Мин кыраайым – мин киэн туттуум” төрөөбүт дойду күндүтүн уонна кэрэтин,…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үс улуус баһылыга баҕа өттүлэринэн байыаннай дьайыыга кытта бардылар

Саха сирин үс улууһун баһылыктара баҕа өттүлэринэн «Боотур» этэрээти кытары  байыаннай дьайыыга кытта бардылар. Бу…

3 часа ago