Хампаанньа пассажирдар хоромньуларын толуйарга бэлэм
14.04.2023, 14:40
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:
Ми-8Т/МТВ бөртөлүөтүнэн муус устар 11 күнүгэр Орто Халыматтан Черскэйгэ көтөн испит пассажирдар олбохторугар авиа-кыраһыын тохтон, тириилэрин хиимийэнэн быһа сиэтии буолбута.
Авиационнай уматык баахтары сапыраапкалыырга кыраадыс эмискэ сылыйыытын-тымныйыытын түмүгэр, быыһылаан тохтубут. Бу Ми-8Т/МТВ бөртөлүөттэр баахтарын, конденсат үөскээбэтин туһуттан, толору сапыраапкалыыллар.
“Полярные авиалинии” хампаанньа эмсэҕэлээбит дьоҥҥо өй-санаа, үп-харчы өттүнэн бары хоромньуларын толуйарга бэлэмин биллэрдэ. Ону тэҥэ, хампаанньа “Росавиация” управлениетын хамыыһыйатын үлэтигэр эмиэ бары өттүнэн көмөлөһөр диэн СИА суруйар.
Билигин бу быһылааны Илин-Сибиирдээҕи тырааныспар борокуратуурата силиэстийэлии сылдьар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: