Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Үүммүт сылга даача учаастактарын уонна хамсаабат баайы-дуолу бас билээччилэргэ туһаайан сокуоҥҥа хас да уларыйыы киирдэ.
Саҥа киллэриилэр учаастаккын хайдах тутан олороргун уонна эбийиэк быраап өттүнэн регистрациятын хонтуруоллуур соруктаахтар, диэн “Российская газета” суруйар.
Тохсунньу 13 күнүттэн хамсаабат баай-дуол хайа баҕарар көрүҥүн бэлэхтииргэр дуогабаргын нотариус нөҥүө бигэргэтэриҥ ирдэнэр. Урут дуогабар холобурун куоппуйатын хачайдаан ылан, толорон баран МФЦ нөҥүө Росреестргэ биэрэр көҥүллэнэр эбит буоллаҕына, билигин барыта нотариус нөҥүө оҥоһуллар.
Кулун тутар 1 күнүттэн сири бас билээччилэр учаастактарын үс сыл иһигэр тустаах аналынан баһылыыллара ирдэнэр. Бу болдьох атыыласпыт эбэтэр нэһилиэстибэҕэ ылбыт күҥҥүттэн саҕаланар. Өскөтө үс сыл иһигэр учаастагыҥ ото охсуллубат, сыыс отунан саба үүнэн турар буоллаҕына, миэрэлэр ылыллыахтарын сөп.
Маны таһынан, кулун тутартан кадастрга регистрациялаппакка эрэ кэтэх дьиэҕэр олороруҥ бобуллар. Дьиэҕин кадастрга киллэртэрэргэ кадастровай инженери ыҥыран, учаастагыҥ, тутууҥ тиэхиньиичэскэй былаанын оҥорторон, Росреестргэ биэрэҕин. Регистрация ирдэбилин кэстэххинэ, КоАП 19.21 ыстатыйатынан 1,5-2 тыһ. солк. ыстарааптанаҕын.
Саҥа сылтан кадастровай учуот иһин госпошлина олохтонно: саҥа эбийиэктэргэ 2 тыһ. солк., дааннайдары уларытар буоллаххына 1 тыһ. солк. Урут бу барыта босхо этэ, ол тохтоото.
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Ньурба оройуонугар икки эр киһи суорума суолланна диэн СӨ Быыһыыр…
Нерюнгриттан соҕуруулуу-арҕаа 57 км тэйиччи сытар сиргэ 4-4,5 бааллаах сир хамсааһына буолла. Бу туһунан ЯСИА-ҕа Арассыыйа…
Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый? Бу туһунан объясняем.рф быһаарар. [gallery ids="242654,242655,242656,242657,242658,242659,242660,242661"]
Хой Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тиэрдибэккин. Санааҕын ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол…
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…
Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…