Хамсыгы кириип ыарыыга тэҥнээтилэр
РФ Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтэ улахан дьоҥҥо сытыы ОРВИ эбэтэр кириип ыарыыларын эмтииргэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥоруу саҥа ыстандаартын бигэргэттэ.
Бу ыйтан улахан дьоҥҥо сытыы ОРВИ уонна кириип ыарыыларын эмтииргэ антибиотиктары анааһын тохтотуллар. Туһааннаах бирикээс нуормалыыр быраап аахталарын официальнай порталыгар таҕыста.
Эми-тому аныырга саҥа ньымаҕа антибиотиктар киирбэтилэр. Ол оннугар испииһэккэ атын эмтэр эбилиннилэр, холобур, вируһу утары «кагоцел», «Ингавирин», «Нобазит», «Риамиловир», «Тилорон» уонна «Умифеновир», күөмэй ыарыытыгар «Хлоргексидин», сөтөлгө «Амброксол», «Ацетилцистеин», «Ренгалин», «Бромгексин», «Бутамират», «Ксилометазолин». Ону кытта коронавируһу ОРВИ ыарыытыгар тэҥнээтилэр. Саҥа ыстандаартынан ОРВИ-ны эмтииргэ болдьоҕо 15-тэн 7-тэ хонукка диэри кыччаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: