Хаҥалас баһаарынайдара аһаҕас уруогу ыыттылар
Хаҥаластааҕы судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа 37-с №-дээх баһаары утары охсуһар этэрээтин баһаарынайдара Аан дойдутааҕы гражданскай оборуона күнүгэр аналлаах олох-дьаһах куттала суох буолуутун төрүттэригэр аһаҕас уруоктары ыыттылар.
Баһаары утары охсуһар сулууспа үлэһиттэрэ баһаарынай харабыл историятын туһунан кэпсээтилэр. Кинилэр итини сэргэ баһаар тахсар сүрүн биричиинэтин, ону сэрэтии ньымаларын холобурдарын кэпсээтилэр, ыксаллаах быһыыга-майгыга тугу гыныахха сөбүн кэпсээтилэр диэн СӨ Судаарыстыбаннай баһаары утары сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Баһаарынайдар үөрэнээччилэргэ баһаарынай-техническэй тэриллэрин уонна аварийнай-быыһыыр инструменнарын көрдөрүлэр. Ону сэргэ оҕолор баһаар тахсар түгэнигэр эвакуациялааһын ньымаларын биллилэр.
Уруок кэмигэр оҕолор боевой баһаарынай таҥаһы кэтиигэ, ууну ыстарар шланганы хомуйууга, о.д.а. күрэхтэстилэр. Баһаарынай экипировката үөрэнээччилэр ураты болҕомтолорун ылла. Ордук харыстанар оборудованиелаах быыһыыр кислородтаах маасканы интэриэһиргээтилэр.
«Аһаҕас уруок түмүгэр үөрэнээччилэргэ барыларыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу тиэмэтигэр аналлаах сүбэлиир ыйынньыктары түҥэттибит. Үөрэх тэрилтэлэригэр эмиэ баһаартан сэрэхтээх буолууга тематическай былакааттары туттардыбыт. Маннык тэрээһиннэр оҕолорго баһаарынай куттал суох буолуутун быраабылаларын үрдэтиигэ көмөлөһөллөр уонна ыксаллаах быһыы-майгы түгэнигэр сөпкө дьаһаналларыгар үөрэтэр», — диэн баһаары утары профилактика үлэтин инструктора Денис Корнев этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: