Хаҥалас Фоминнара — дьоллоох дьиэ кэргэн
«Саха сирэ» хаһыат тэрийбит «Дьиэ кэргэнинэн ыллыыбыт» куонкуруһугар Хаҥалас улууһун Өктөмүттэн Фоминнар дьиэ кэргэн ансаамбыллара көлүөнэнэн тахсан, үгүс көрөөччүнү үөртүлэр.
Ыал эһээтэ Юрий Николаевич Фомин үлэ бэтэрээнэ, эбээлэрэ Федора Ивановна Фомина СӨ үөрэҕириитин уонна култууратын туйгуна. Ыал аҕата Алексей Юрьевич Фомин “Тыа сирин култууратын бастыҥ үлэһитэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕа, ыал ийэтэ София Альбертовна Фомина бэйэ дьарыктаах (самозанятай). Фоминнар кэнсиэргэ ыллыы киириэхтэрин иннинэ анаан кэпсэппиппит.
Дьоллоох ыал «Саха сирэ» хаһыаты» өрүү сурутан, таптаан ааҕаллар эбит.
Фоминнар оҕолорун уонна сиэннэрин Нарыйаананы, Сандаараны, Неллины кытта Лина Полякова тылыгар, Валерий Егоров мелодиятыгар “Дьоллоох дьиэ кэргэн” ырыанан кытыннылар.
Фоминнар дьиэ кэргэн ырыаларын көрөөччүлэр бэркэ сэргээн иһиттилэр.
Ити курдук, Хаҥалас Фоминнара Туймаада ыһыаҕар «Дьоллоох дьиэ кэргэн» ырыанан көлүөнэлэр утумнара салҕана турарын көрдөрдүлэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: