Салгыы
«Хаҥалас хапсаҕайа» турнирга барыта 6 мөл.солк. оонньонуо

«Хаҥалас хапсаҕайа» турнирга барыта 6 мөл.солк. оонньонуо

Ааптар:
14.01.2025, 19:00
Хаартыска: Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат «Хаҥалас хапсаҕайа» норуоттар икки ардыларынааҕы турниры ыытарга бэлэмнэнэр.

Барыллаан турнирга  аҕыс судаарыстыбалар бэрэстэбиитэллэрэ, ону тэҥэ дойду аҕыс эрэгийиэнин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыахтара. Турниры иккис сылын  аан дойду таһымыгар ыытыллыаҕа. Күрэхтэһии олунньу 1-2 күннэригэр «Триумф» успуорт уораҕайыгар буолуоҕа. «НХЗ Групп» тэрийээччилэр этэллэринэн, күрэхтэһии бирииһин пуондата 6 мөлүйүөн солкуобай буолуоҕа. Манна аҕыс дойдуттан бөҕөстөркүөн көрсүөхтэрэ.

Балаһыанньа быһыытынан, эр дьон 57, 65, 75, 85, 95 уонна 95 кг үөһэ ыйааһыннарынан күүстээх бөҕөстөрү быһаарыахтара. Бэтэрээннэр ортолоругар (40- тан тахса саастаахтар) 60, 70, 80, 90 уонна 90 кг үөһэ ыйааһыннарга киирсиэхтэрэ. Кыайыылаахтарга 100-түү тыһыынча солкуобай, үрүҥ көмүс призердарыгар — 70 тыһ.солк., оттон боруонса хаһаайыттарыгар — 30 тыһ.солк. диэри харчынан бириистиэр тутарыллара күүтүллэр. Оттон бэтэрээннэргэ — 50, 25 уонна 15 тыһ.солк.

Оттон 75 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга абсолютнай чөмпүйүөннэр 500-түү тыһ. солк., ону тэҥэ бриллианнаах мэтээллэри тутуохтара. Былырыын абсолютнай чөмпүйүөннэринэн Саха сириттэн Тимур Николаев уонна Бурятияттан Балдан Цыжипов  буолбуттара.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: