Хаҥалас Күөрдэмигэр Таҥара дьиэтэ сөргүтүлүннэ
Хаҥалас улууһун Күөрдэм сэлиэнньэтигэр бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, Николаевскай таҥара дьиэтин сөргүтэн тутан, үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Үлэ 2020 сылтан «Култуура уонна туризм сайдыыта» федеральнай бырагырааманан уонна «Пааматынньыктары харыстыыбыт» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырайыагынан ыытыллыбыта.
Ил Дархан Айсен Николаев Таҥара дьиэтин тутуутун устуоруйатын санатан эттэ: “1892 сыллаахха бу Таҥара дьиэтин олохтоох меценаттар үбүлээн туттарбыттара. Сөргүтүү үлэтигэр федеральнай үбүлээһини таһынан олохтоох меценаттар уонна Күөрдэм олохтоохторо кыттыыны ыллылар. Бу тутуу Саха АССР тэриллибитэ 100 сылынан сөргүтүллүбүт эбийиэктэргэ киирсэр. Таҥара дьиэтэ уопсастыбаннас көхтөөх кыттыытынан сөргүтүлүннэ. Бу уруккуну өйдүүр, киэн туттар эрэ буоллахпытына, инникилээх буоларбытын туоһулуур холобур буолар”.
Таҥара дьиэтин сөргүтүү үлэ 2020 сыл тохсунньутуттан саҕаламмыта. Уопсай үлэни таһынан дьиэ ис тутууларын, иконостаһын саҥатытыы ыытыллыбыт. Таҥара дьиэтин уопсай иэнэ — 188,80 кв. миэтирэ. Бүгүн манна Саха сирэ уонна Ленскэй архиепискоба Роман литургияны ыытта.
Күөрдэм II-с Дьөппөн нэһилиэгэ диэн биллэр. Улуус олохтоохторо “Таҥара дьиэлээх Дьөппөн” диэн ааттааччылар. Онон нэһилиэк олохтоохтор улууска соҕотох ордон хаалбыт Таҥара дьиэтэ баарынан киэн тутталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: