Хаҥалас маастардарын үлэлэрэ «Саха каталогар» киирдилэр
Саха АССР 100 сылыгар анаан аан дойду таһымнаах “Декоративно-прикладное искусство Якутии” диэн каталог таҕыста.
Биһиги өбүгэлэрбитигэр былыргыттан таҥаһы таҥныы уонна тигии култуурата үрдүк таһымҥа турарын билэбит. Өрөспүүбүлүкэҕэ утумнаахтык кыбытык ииһинэн дьарыктанар норуот маастардара элбэхтэр. Ханалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр сукуна кырадаһыныттан кыбытан-аттаран тигиинэн дьарыктанар дьон “Кырадаһын оһуора” диэн түмсүүлэрэ тэриллэн үлэлээбитэ 2 сыла буолла. 6 киһилээх түмсүүнү Мэҥэ Хаҥалас улууһун маастара Дьячковская Ольга Николаевна иилээн-саҕалаан үлэлэтэ сылдьар.
Быйыл Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан, түмсүү өрөспүүбүлүкэҕэ 100 олбох тигиитигэр ыҥырыы таһаарбыта. Бу ыҥырыыны өйөөн, 23 улуус иистэнньэҥнэрэ көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Бииртэн биир кэрэ дьэрэкээн олбох киһи хараҕын үөрдэр.
Өктөм нэһилиэгэр “Кырадаһын оһуора” түмсүү быйылгы үлэтин түмэн, нэһилиэк дьүүлүгэр таһаарда. Бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат 100 араас олбох, ону таһынан кыбытыылаах иис, баайыы, оҕуруо уонна да атын оҥоһуктар көрдөрүүгэ турдулар.
Бу тэрээһин сүрүн үөрүүлээх сонунунан Саха АССР 100 сылыгар анаан тахсыбыт “Декоративно-прикладное искусство Якутии” диэн аан дойдутааҕы таһымнаах каталог-кинигэ 2-с чааһын сүрэхтэниитэ буолар. Кинигэни историческай наука кандидата, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет фольклор уонна култуура кафедратын доцена Светлана Ивановна Петрова хомуйан бэчээккэ таһааттарда. Бу каталог бырайыагын ааптара, кинигэни таһаарааччы Анетта Егорова «Возрождение» кинигэ кыһатыгар бэчээттэттэ.
Кинигэҕэ өрөспүүбүлүкэ 8 улууһуттан норуот маастардарын үлэлэрэ киирдилэр. Хаҥаластан “Кырадаһын оһуора” (Өктөм), “Ситим” (Нөмүгү), “Утум” (Кыһыл Үрүйэ) түмсүүлэрэ киирбиттэр. Иистэнньэҥнэр дириҥ ис хоһоонноох, кичэйэн айбыт оҥоһуктара киһини сөхтөрөр, айар куту уһугуннарар, иис кэрэ абылаҥар угуйар.
Максимова Н.Е., Өктөм
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: