Хаҥалас улууһунааҕы оҕо бибилэтиэкэтэ — 2023 сылга модельнай бибилэтиэкэлэри оҥорууга федеральнай куонкурус кыайыылааҕынан буолбута.
«Култуура» национальнай бырайыак иитинэн Покровскайга оҕо бибилэтиэкэтин саҥардан оҥорууга 5 мөл солк көрүллүбүтэ. Бибилэтиэкэ дьон ааҕыан баҕарар икки тыһыынчаттан тахса саҥа кинигэтин ылан, үлэҕэ-хамнаска туттуллар саҥа тиэхиньикэ атыылаһан, ааҕааччыларга табыгастаах тупсаҕай усулуобуйа тэриллибит.
Хаҥалас оройуонун оҕо бибилэтиэкэтин саҥардан, тупсаран оҥоруу үлэтэ оҕо саҥа, ураты көрүүлэрин, сонун сүүрээннэри олоххо киллэрэргэ туһуланар. Манна бааллар өйү-санааны, толкуйу эрчийэр уонна сынньанар сир; тус үлэлииргэ аналлаах сир; оонньуур сир; сэһэргэһэр, хардарыта сибээстээх үлэлиир сир.
Саҥардыллыбыт бибилэтиэкэҕэ оҕолор сүүрүөхтэрэ-көтүөхтэрэ, электроннай бибилэтиэкэнэн туһаныахтара, графическай бырагыраама оҥоро үөрэниэхтэрэ, кумахха уруһуйдуохтара, хардарыта сэһэргэһиэхтэрэ, о.д.а. элбэх.
Санатан эттэххэ, оҕо бастакы модельнай бибилэтиэкэтэ Булуҥ оройуонугар Тиксиигэ 2020 сыллаахха аһыллыбыта.
Национальнай бырайыактар РФ Бэрэсидьиэнэ В.Путин көҕүлээһининэн 2019 сылтан саҕаламмыттара. Кэнники биэс сылга Саха сиригэр национальнай бырайыактар иилэринэн 45 култуура эбийиэгэ үлэҕэ киллэрилиннэ, 139 кулууп материальнай-тэхиньиичэскэй баазата тупсарылынна, култуура 19 тэрилтэтигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна, 14 модельнай бибилэтиэкэ тэрилиннэ, 18 ускуустуба оскуолата саҥа үнүстүрүмүөннэринэн хааччылынна, 5 автоклуб ылылынна. Култуура тэрээһиннэригэр сылдьыы 1,6 төгүл улааппыт. Оттон киинэни оҥорон таһаарыытын ахсаанынан, өрөспүүбүлүкэ Москва уонна Санкт-Петербург куораттар кэннилэриттэн Арассыыйаҕа бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар.
Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…
ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…
Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…
Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…
Бу туһунан бүгүн #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ. "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…