Салгыы
Хаҥалас отчуттара күүлэйгэ күрэстэстилэр

Хаҥалас отчуттара күүлэйгэ күрэстэстилэр

05.08.2023, 14:04
Хаартыска - Кузьма Острелин тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун от охсооччулара «Күүлэй — 2023» күрэскэ күөн көрүстүлэр.

Бу туһунан Нөмүгү нэһилиэгин Аҕа түмсүүтүн салайааччыта Кузьма Острелин бу курдук иһитиннэрдэ:

Ытык Нөмүгү сиригэр Төҥүргэстээх ходуһатыгар үгэскэ кубулуйбут хотуурунан от охсуутугар Хаҥалас улууһун эр дьоҥҥо уонна оҕолорго  «Күүлэй — 2023» күрэс бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста. 

Окко күрэхтэһии быйыл Саха сиригэр Үлэ, Физкултуурунай хамсааһын 100 уонна Хаҥалас улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар анаан тэриллиннэ.

Маны таһынан, бу тэрээһин улуус Кэлим (комплекснай) спартакиадатын чэрчитигэр киирсэр биир бэлиэ үлэ уонна спорт көрүҥүнэн буолар.


Улуус баһылыга Олег Иринеев отчуттары үлэ биир суолталаах көрүҥүн күрэхтэһиитинэн эҕэрдэлээн тыл эттэ. Онтон алгысчыт Лидия Харитонова «хотууру уулатыы» сиэрин-туомун толордо. 

Ол кэнниттэн күрэхтэһии саҕаланна. Уопсайа эр дьоҥҥо 9 кыттааччы, оҕолорго 7 кыттааччы уонна зачёту таһынан баһылыктарга 6 кыттааччы күөн көрүстэ.

Күүрүүлээх күрэс түмүгэ маннык буолла:

Эр дьон 10 суотай сир:

Кузьма Острелин (Покровскай к.) 1 час 20 мүн.
Иннокентий Тобонов (Нөмүгү нэһ.) 1 час 29 мүн.
Василий Гаврильев (Тумул нэһ) 1 час 34 мүн.

Оҕолорго 5 суотай сир:
Виталий Николаев (Нөмүгү нэһ.);
Айаал Тобонов (Нөмүгү нэһ.);
Алик Припузов (Уулаах-Аан нэһ.).

Баһылыктарга 5 суотай сир (мотуордаах хотуур):
Наум Устинов (Нөмүгү нэһ.);
Александр Алексеев (Улахан-Аан нэһ.);
Кэскил Багдарыын (Төхтүр нэһ.).

Уопсай хамаанданан түмүк:

Кыра нэһилиэктэргэ:
Уулаах-Аан;
Тумул, Тиит-арыы;
Төхтүр.

Улахан нэһилиэктэргэ:
Нөмүгү;
Покровскай;
Улахан-Аан.

Бары кыттыылаахтарга Хаҥалас улууһун физкултуураҕа уонна успуортка управлениетын аатыттан улахан эҕэрдэ уонна өрүү чэгиэн буолан, маннык күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кыттыҥ диэн ыҥырабын!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 ноября
  • -18°C
  • Ощущается: -18°Влажность: 78% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: