Хаҥалас улууһугар Тиит Эбэҕэ тэрилтэлэр эр дьонноро бу күннэргэ «Ыраас муус» тэрээһиҥҥэ кыттан, бэрт көхтөөхтүк күрэхтэстилэр.
Бу туһунан «Сарыал» култуура киинин салайааччыта Мария Михайлова маннык кэпсээтэ:
— Муус ылыытын күрэхтэһиитигэр түөрт тэрилтэ кытынна: МПЧ, олохтоох дьаһалта, санаторнай интэринээт-оскуола, орто оскуола кэлэктииптэрэ. Тэрээһини алгыһынан Татьяна Сивцева-Сайнаара арыйда, уолаттарбытыгар ыраастаныы сиэрин-туомун ыытта.
Күрэс кыттыылаахтарын арыылаах алаадьынан күндүлээтибит. Нэһилиэк баһылыга Андрей Яковлев эр дьон биир чаастаах үлэлэрин кыайыылаахтык түмүктүүллэригэр баҕарда. Күрэхтэһиини И.С. Скрябин, Д.А. Ефремов, И.Е. Федотов састааптаах дьүүллүүр сүбэ салайан ыытта.
Уолаттар муус ылыытыгар түһүнэн кэбистилэр. Өр буолбатылар, күүстээх үлэ түмүктэнэ оҕуста. Күрэс түмүгүнэн П.С.Скрябин аатынан орто оскуола кэлэктиибэ кыайыылаах үрдүк аатын ылан, көһө сылдьар кубогынан наҕараадаланна. Хас биирдии хамаандаҕа олохтоох дьаһалта анал бириистэри бэлэмнээн, дьоммут дьиэлэригэр бары өттүк харалаах, санаалара көнньүөрэн тарҕастылар. Дьыала бирииһигэр буолбатах — салалта үлэ дьонугар болҕомтотун ууран бэлиэтииригэр, үлэлэрин сыаналыырыгар.
Хамаандалар көхтөөх үлэ кэнниттэн тарҕаһан хаалбакка, «Балык былдьаһыы» диэн хатыйсыылаах, оҕо сааһы санатар оонньууга кыттыыны ыллылар. Кыайыыны эмиэ орто оскуола кэлэктиибэ ылла.
Үгэс буолбут «Ыраас муус» тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт тэрилтэлэргэ истиҥ махтал тылларын аныыбыт. Бу ыраас муус байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьонноругар, бэтэрээннэргэ уонна сайаапка биэрбит аҕам саастаахтарбытыгар тиэрдилиннэ. Онон тэрээһин кыттыылаахтарыгар бар дьоннорун махтала эмиэ тиийэн, өссө да үтүө санааны саҕар тэрээһиннэргэ кыттарга кынаттаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: