Хаҥалас Тиит Эбэтигэр «Ыраас муус» тэрээһин ыытылынна

Share

 Хаҥалас улууһугар Тиит Эбэҕэ тэрилтэлэр эр дьонноро бу күннэргэ «Ыраас муус» тэрээһиҥҥэ кыттан, бэрт көхтөөхтүк күрэхтэстилэр. 

Бу туһунан «Сарыал» култуура киинин салайааччыта Мария Михайлова маннык кэпсээтэ:

— Муус ылыытын күрэхтэһиитигэр түөрт тэрилтэ  кытынна: МПЧ, олохтоох дьаһалта, санаторнай интэринээт-оскуола, орто оскуола кэлэктииптэрэ. Тэрээһини алгыһынан Татьяна Сивцева-Сайнаара  арыйда, уолаттарбытыгар ыраастаныы сиэрин-туомун ыытта.

Күрэс кыттыылаахтарын арыылаах алаадьынан күндүлээтибит.  Нэһилиэк баһылыга Андрей Яковлев эр дьон биир чаастаах үлэлэрин кыайыылаахтык түмүктүүллэригэр баҕарда.  Күрэхтэһиини И.С. Скрябин, Д.А. Ефремов, И.Е. Федотов састааптаах дьүүллүүр сүбэ салайан ыытта.

Уолаттар муус ылыытыгар түһүнэн кэбистилэр. Өр буолбатылар, күүстээх үлэ түмүктэнэ оҕуста. Күрэс түмүгүнэн П.С.Скрябин аатынан орто оскуола кэлэктиибэ кыайыылаах үрдүк аатын ылан, көһө сылдьар кубогынан наҕараадаланна. Хас биирдии хамаандаҕа олохтоох дьаһалта анал бириистэри бэлэмнээн, дьоммут дьиэлэригэр бары өттүк харалаах, санаалара көнньүөрэн тарҕастылар. Дьыала бирииһигэр буолбатах — салалта үлэ дьонугар болҕомтотун ууран бэлиэтииригэр, үлэлэрин сыаналыырыгар.

Хамаандалар көхтөөх үлэ кэнниттэн тарҕаһан хаалбакка, «Балык былдьаһыы» диэн хатыйсыылаах, оҕо сааһы санатар оонньууга кыттыыны ыллылар. Кыайыыны эмиэ орто оскуола кэлэктиибэ ылла.

Үгэс буолбут «Ыраас муус» тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыт  тэрилтэлэргэ истиҥ махтал тылларын аныыбыт. Бу ыраас муус байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт дьонноругар, бэтэрээннэргэ уонна сайаапка биэрбит аҕам саастаахтарбытыгар тиэрдилиннэ. Онон тэрээһин кыттыылаахтарыгар бар дьоннорун махтала эмиэ тиийэн, өссө да үтүө санааны саҕар тэрээһиннэргэ кыттарга кынаттаата.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Оҕо саас сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Табалаах уһуйааныгар оҕолору эбээн норуотун төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн иитэллэр

Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago