Хаҥалас улууһугар 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин күнэ үгүс уопсастыбанньыгы түмүөҕэ

Share

Балаҕан ыйын 13-14 күннэригэр Хаҥалас улууһун 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин күннэрэ ыытыллар. 

Бу туһунан нэһилиэк баһылыга Айталина Васильева маннык иһитиннэрдэ:

— 1-кы Малдьаҕар нэһилиэгин күнүн бэлиэтиир туһунан  уопсай мунньаҕынан  быһаарбыппыт. Бу икки күн устата нэһилиэкпит сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрбит дьоммутун  ахтыахпыт, чиэстиэхпит, чөл олоҕу айхаллыахпыт, бэйэ бородууксуйатын батарыахпыт. Биир сүрүн сорукпут — нэһилиэк уопсастыбаннаһын кытта кэскилбитин түстүүр  2030 сылга диэри сайдар былааммытын толкуйдаан оҥоруохпут. Манна ыраахтан-чугастан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэрин баһылыктара, олоххо көхтөөх уопсастыбанньыктар кэлэн кытталларын биллэрдилэр. Эспиэр быһыытынан РФ сэнээтэрэ Егор Борисов кыттыыны ылыаҕа. 

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр  пааркабытыгар Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларынан  мас олордуохпут, дьаамсыктар остуолбаларын арыйыахпыт, нэһилтиэкпит бастыҥ уопсастыбанньыктарын чиэстиэхпит. Оҕолорго аналлаах кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэр, маастар-кылаастар, аатырбыт «Булгунньахтаах хортуоппуйун» улахан хобордооххо ыһаарылаан 5 хамаанда күрэхтэһиэҕэ.

Кыайыылаахтар Өлүөнэ очуостарыгар күүлэйдии барыахтара. Ыччаттарбытыгар гитаранан ырыа бэстибээлин тэрийиэхпит,  Сата уустарын сыдьааннара өбүгэ саҕаттан кэлбит быраабыланан болгуо уһаарыахтара. Бу тэрээһиҥҥэ киирбит үп-харчы байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар көмө быһыытынан барыаҕа. 

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юрист өҥөтө босхо буолуохтааҕын биһирээтэ

Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Пушкин института 2024 сыл тылын быһаарда

А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

Екатерина Снежко: «Билиҥҥи кэмҥэ барыбыт кыһалҕабыт биир»

Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…

12 часов ago
  • Сонуннар

«Орешник» ракета туһунан туох биллэрий?

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…

12 часов ago
  • Сонуннар

Биэс модельнай бибилэтиэкэ баар буолла

2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха Бианкита, Бурхаат, Чуваш суруйааччыта уонна 90 сыллаах айар сойуус

Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…

13 часов ago