Салгыы
Хаҥалас улууһугар 11-с кылаас үөрэнээччилэрин химия эксээмэнигэр бэлэмниир үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр саҕаланнылар

Хаҥалас улууһугар 11-с кылаас үөрэнээччилэрин химия эксээмэнигэр бэлэмниир үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр саҕаланнылар

22.01.2025, 19:15
Хаартыска: Үөрэх, билим министиэристибэтиттэн
Бөлөххө киир:

Түмсүү А.В.Дмитриев аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтии Ой орто оскуолатыгар буолар. Тэрээһиҥҥэ 50-ча үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ кыттар.

Химияҕа биир кэлим эксээмэҥҥэ бэлэмнэнии кистэлэҥнэрин Хаҥалас улууһун орто оскуолаларын — А.В.Дмитриев аатынан Ой, З.И.Ксенофонтова аатынан Покровскай 2-с нүөмэрдээх, Покровскай 3-с нүөмэрдээх орто оскуолата – биирдиилээн биридимиэти дириҥэтэн үөрэтэр үөрэх киинин, М.Е.Николаев аатынан Өктөмнөөҕү билим-үөрэтэр киин, А.Д.Широких аатынан Төхтүр, И.М.Яковлев аатынан Покровскай 1-кы нүөмэрдээх, Мохсоҕоллоох уонна И.И.Козлов аатынан Бэстээх орто оскуолаларын учууталлара кэпсииллэр.

Үөрэтэр-эрчийэр түмсүүлэр тохсунньу 24 күнүгэр диэри буолаллар. Учууталлар үөрэнээччилэри кытта уустук сорудахтары ырыталлар, эксээмэҥҥэ бэлэмнэнии уопутуттан үллэстэллэр. Ити туһунан Хаҥалас улууһун үөрэҕин управлениетын пресс-сулууспата суруйар.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
22 января
  • -24°C
  • Ощущается: -24°Влажность: 84% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: