Былырыын Хаҥалас улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ оттооһуҥҥа бастыҥ көрдөрүүлээх этэ. Онон быйыл даҕаны ити тэтимнэрин тутуохтара. Ол курдук, улуус Нөмүгү нэһилиэгэр Чороон Ыйаабыт диэн сиргэ бастыҥ от охсооччуну быһаарар “Күүлэй – 2023” күрэс ыытылынна.
Тэрээһиҥҥэ эр дьон, оҕолор уонна нэһилиэктэр баһылыктара күрэхтэстилэр. Күүлэй улуустааҕы спартакиадаҕа киирсэр буолуоҕа, онон сыл аайы кыттааччыта элбиир, суолтата үрдүүр чинчилэннэ.
Эр дьоҥҥо аҕыс киһи кыттыбытыттан К.Острелин (Покровскай) бастаабыт. Кини кэнниттэн И.Толбонов (2 миэстэ), В.Гаврильев (3 миэстэ) буоллулар. Оҕолорго 7 кыттааччыттан Виталий Николаев (Нөмүгү) иннин биэрбэтэ. Айаал Толбонов (2 миэстэ), Альберт Припузов (3 миэстэ) эмиэ бастыҥ көрдөрүүлэннилэр.
Нэһилиэктэр баһылыктарыттан Нөмүгү баһылыга Н.Устинов мотуордаах хотуурунан охсууга кыайыылаах буолла. А.Алексеев (Улахан Аан, 2 миэстэ), Багдарыын Уола Кэскил (Төхтүр, 3 миэстэ) бэркэ кытыннылар.
Кыайыылаахтарга Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена (А.Л.Архипов) бириистэри үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа эмиэ бириистэри олохтообут.
Хаҥалас бастыҥ охсооччулара бу нэдиэлэҕэ Мэҥэ Хаҥаласка ыытыллар аһаҕас турнирга кытта бараары сылдьаллар. Онон оту охсууга күүлэйи тэрийии оттооһун үлэтин тэтимирдиигэ эмиэ олус көмөлөөх буолсу.
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…