Хаҥалас улууһугар «Ханглы-85» түмсүү бэтэрээннэри эҕэрдэлээтэ
Хаҥалас улууһун орто оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбит выпускниктар араас үтүө дьыаланы тэрийэн ыыталлара үгэскэ кубулуйда.
Выпускниктар бу күннэргэ бэтэрээннэри дьиэлэринэн сылдьан эҕэрдэлээтилэр. Выпускниктар ыытар үлэлэрин туһунан Покровскайтан Сардаана Харлампьева маннык сырдатта:
— Биһиги Хаҥалас улууһун оскуолаларын 1985 сыллааҕы выпустарын «Ханглы-85» уопсастыбаннай түмсүүбүт үгэс быһыытынан сыл аайы Булгунньахтаах, Тиит-Арыы, Дьөппөн, Улахан-Аан, Ой, Покровскай куорат бэтэрээннэрин эҕэрдэлиибит. Быйыл бу үгэспитин эмиэ салҕаатыбыт. Сибэкки дьөрбөтө, ас-үөл кэһиилээх бэтэрээннэрбитин кэрийэ сылдьан эҕэрдэлээтибит. Барахсаттарбыт үөрүүлэрэ муҥура суох — наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр, сонуннарын кэпсээн сэргэхсийдилэр. Маны таһынан, 1-кы Малдьаҕар стелатын ыраастааһыҥҥа субуотунньук эмиэ тэрийдибит. Киһиэхэ үтүө дьыаланы оҥороруттан күндү суох. Бу үлэбитин салгыы ыытар былааннаахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: