Хаҥалас улууһугар килиимэт уларыйыытын чинчийэр билим оскуолата үлэлээтэ
Айылҕаҕа тахсар уларыйыылар, килиимэт сылыйыыта билим үлэһиттэрин болҕомтотугар сылдьар.
Саастаах көлүөнэни солбуйа эдэр ыччаттар тахсан иһэллэр. Быйыл сайын Хаҥалас улууһугар “Килиимэт уларыйыыта уонна аныгы чинчийиилэр ньымалара” эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы ыччат билим оскуолата үлэлээтэ. Атын эрэгийиэннэртэн кэлбит исписэлиистэр ирбэт тоҥҥо килиимэт дьайыытын илэ харахтарынан көрдүлэр, чинчийдилэр. Холобур, Тиит Арыы нэһилиэгэр сир дьөлө түһүүтүттэн үөскээбит аппа улаатан иһэрэ, аҕыйах сылынан оскуолаҕа тиийэр кутталлааҕа дьиксиннэрдэ. Ойуур баһаардара ирбэт тоҥ ууллуутугар оруоллара эмиэ улахан, маны барытын билим оскуолатын кыттыылаахтара харахтарын далыгар илдьэ сырыттылар.
“Нуучча географическай уопсастыбатын (НГУо) гранын ылбыппыт. Бу куонкурус күһүн ыытыллар, — диэн Саха сиригэр НГУо толорор дириэксийэтин исписэлииһэ, бырайыак салайааччыта Людмила Аргунова кэпсээтэ – Сыл ахсын Гранты РГО.ру порталга сайаапкалары хомуйаллар, манна биирдиилээн да киһи, тэрилтэ да кыттыан сөп. Араас бырайыак барыта баар. Биһиги холобур, ыччат бырайыага диэнинэн кыайбыппыт. Граммыт 1 мөл. солк. Сыл ахсын НГУо эрэгийиэннээҕи салаатын активистара 1-2, ардыгар 3-4 граны ылааччылар. Холобур, быйыл Николай Находкин Хоту Муустаах муораҕа Беннетта арыытын чинчийэн кэллэ.
Биһиги урут маннык билим оскуолатыгар дьарыктанар этибит, быйыл бэйэбит үлэлэттибит. Валентина Ситникова салайааччылаах Алтаай ыччатын кулуубун кытта бииргэ тэрийдибит, атын эрэгийиэннэртэн кэллилэр. Биһиги Булгунньахтаах сэлиэнньэтигэр баазаламмыппыт, онон нэһилиэк баһылыга Айталина Ивановаҕа көмөтүн, өйөбүлүн иһин махталбыт улахан. Хас биирдии кыттааччы полевой күннүк оҥостубута, эрдэтээҥи үлэлэрбитин кытта тэҥнээн көрөн, ютуб-ханаалга куар-кодтаан, сигэлээн укпуппут. Былааммыт элбэх, манан тохтообоппут, билим сообществобытыгар араас идэлээх биологтары, географтары, экологтары, о.д.а. эдэр учуонайдары, исписэлиистэри холбуу бииргэ илдьэ сылдьар ордук эбит диэн санааҕа кэллибит. Айылҕа уларыйан эрэр усулуобуйатыгар киһи адаптацияланыахтаах, ону араас өттүттэн кэлимник чинчийэр, үөрэтэр наада”.
Лена Тарабукина, билим оскуолатын кыттыылааҕа:
“Хаҥалас улууһугар этиҥ активноһын чинчийдибит, улуус соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр этиҥ быдан элбэхтик этэрэ көһүннэ. Температура уларыйыытын, салгын хамсааһынын кытта тэҥнии тутан көрүүнү саҕалаатыбыт, салгыы чинчийиилэр тоҕо манныгын көрдөрүөхтэрэ. Итиннэ Сиинэ өрүс кыраныысса курдук сытара интэриэһиргэттэ. Этиҥи биһиги фундаментальнай билим чэрчитинэн үөрэтэбит, ону таһынан ойуур баһаардарын хонтуруоллуурга наада. Маннык элбэх сыллаах чинчийиилэр түмүктэрин этиҥтэн көмүскэниигэ туһаналлар”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: