Хаартыска СӨ суолга куттал суох буолуутун сэрэтэр судаарыстыбаннай иниспиэксийэтиттэн
Бөлүүн, атырдьах ыйын 7 күнэ үүнэр түүнүгэр биир чаас саҕана «Лена» федеральнай айан суолун 1084 км суол быһылаана таҕыста. 1980 с.т. эр киһи «Тойота Приус Альфа» мааркалаах массыынанан Аллараа Бэстээхтэн Тиит Эбэ хайысхатынан айаннаан иһэн сылгыны түҥнэри көттө.
Улахан охсууттан массыына суолтан көтөн ойуурга тиийэн түспүт.
Быһылаан түмүгэр суоппар уонна олорсон иһэччи 1987 с.т. эр киһи эт-хаан эчэйиитин ыланнар балыыһаҕа киирдилэр. Сылгы өллө.
Бу туһунан СӨ суолга куттал суох буолуутун сэрэтэр судаарыстыбаннай иниспиэксийэ иһитиннэрэр.
Бэрэбиэркэ көрдөрөрүнэн, суоппар B, B1, C, C1 категориялаах дастабырыанньалаах. Сыл иһигэр 12-тэ суол быраабылатын кэспит. Быһылаан тахсар түгэнигэр биир олорсооччулаах, итирдэр утаҕы испэтэх, эрэмиэнин баанан олорбут.
Оттон олорсон испит киһи саахал тахсарыгар массыына кэннигэр олорсон испит, эрэмиэнин эмиэ баанан олорбут, кини балыыһаҕа тастан сылдьан эмтэнэр.
Суоппар этэринэн, уруулга олорон иһэн нуктаан ылбыт, тоҕо диэтэххэ, сылайан сылдьыбыт.
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…
Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…
Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…
Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…
Уһун, тымныы кыһыннаах, тыйыс айылҕалаах хоту дойдуга олорор буоланнар, өбүгэлэрбит барахсаттар күөх сайын уунар уйгутуттан…
Бүгүн, балаҕан ыйын 18 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен Николаев уонна СӨ…