Салгыы
Хаҥалас улууһугар тупсаран оҥоруу кэнниттэн бульвар аһылынна

Хаҥалас улууһугар тупсаран оҥоруу кэнниттэн бульвар аһылынна

17.10.2023, 14:59
Хаартыска: Никита Федоров
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун Покровскайын киинигэр, куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии бастыҥ бырайыактарын Бүтүн Арассыыйатааҕы бэһис куонкуруһун биир кыайыылааҕынан ааттаммыт фонтаннаах болуоссаттаах саҥа бульвар аһыллыыта буолла.

Фонтаннаах бульвар ини-бии Ксенофонтовтар уонна Орджоникидзе уулуссалары ситимнээн, Покровскай куорат биэрэк үрдүнээҕи кытылыгар тахсар. Уруккута бульвар оннугар  саахалланар туруктаах мас дьиэлэр турбуттара.

Бульвар бырайыагын архитектордар Екатерина Конникова уонна Прокопий Рожин оҥорбуттар. Бырайыак соругунан Хаҥалас улууһугар туризм инфраструктуратын сайыннарыыга өссө биир кыаҕы биэрэр куорат рекреационнай холлоҕоһун (каркас) оҥоруу буолар.

“Миэхэ бу көннөрү бырайыак буолбатах, мин куоратым олоҕун саҥа сценарийа буолар. Комплекснай сыһыан куорат туристскай-рекреационнай холлоҕоһун сайыннарар, социокультурнай бырагырааманы уонна брендины туһанар кыаҕы биэрэр. Фонтаннаах бульвар куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара сөбүлээн сылдьар сирдэринэн буоларыгар эрэнэбин”, — диэн архитектор Екатерина Конникова бэлиэтээтэ.

Покровскай куорат бульварын бырайыага кыра куораттарга уонна устуоруйаҕа суолталаах сэлиэнньэлэргэ, куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии Бүтүн Арассыыйатааҕы бэһис куонкуруһун бастыҥ бырайыагынан ааттаммыта. Бульвар тутуутугар 67,5 мөл. солк. үп көрүллүбүтэ, ол иһигэр федеральнай хааһынаттан – 51,8 мөл. солк.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.  

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: