Салгыы
Хаҥалас улууһугар туристар нолуок төлүөхтэрэ

Хаҥалас улууһугар туристар нолуок төлүөхтэрэ

Ааптар:
21.01.2025, 16:00
Айтана Аммосова хаартыскаҕа түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Бу сыл саҕаланыаҕыттан Хаҥалас улууһугар туристическай нолуок диэн киирдэ. Нолуогу Нөмүгү, Төхтүр, Өктөм, 1-кы Малдьаҕар, Тумул нэһилиэктэригэр номнуо төлөтөллөр диэн yakutia-daily.ru суруйар.

Муус устар 1 күнүттэн Покровскайга, Мохсоҕоллооххо, 2-с Көрдөмҥө кэлбит туристар эмиэ нолуок төлүөхтэрэ. Нолуогу биир кэлим испииһэккэ киирбит гостиницаларга тохтообут дьон төлүөхтэрэ. Төлөбүрэ 1 %, сууккаҕа аччаабыта 100 солк. тэҥнэһиэҕэ.

Бастакынан бу нолуогу Тумул нэһилиэгэр киллэрбиттэрэ. Манна Өлүөнэ очуостарын утары турар Батамай диэн туристар сөбүлээн сылдьар сирдэрэ баар.

Нолуок сыыйа үрдээн иһиэҕэ дииллэр. 2029 сылга 5 %-ҥҥа тэҥнэһиэҕэ.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
21 января
  • -10°C
  • Ощущается: -14°Влажность: 79% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: