Өктөмҥө элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Share

Хаҥалас улууһугар Өктөмҥө элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ. Ситэриилээх былаас отчуотун кэмигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга дьиэ күлүүһүн туттардылар.

Дэриэбинэ киинигэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраама чэрчитинэн түөрт этээстээх дьиэ үлэҕэ киирдэ диэн суруллар улуус дьаһалтатын саайтыгар. Саҥа дьиэҕэ көспүт олохтоохтору бырабыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов эҕэрдэлээтэ.

— Тыа сиригэр олорор услуобуйа куораттан уратыта суох буолан иһэрэ, толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олоруу тыа сиригэр олох нуорматыгар кубулуйан иһэрэ үөрдэр, — диэтэ кини.  Улуус баһылыгын экэниэмикэ уонна үп өттүгэр солбуйааччы Раида Родионова бэлиэтииринэн, 2019 cылтан Хаҥалас оройуонугар алта элбэх кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирбит. Түөрт дьиэ өссө да тутулла турар эбит. «АЭБ Капитал» дьиэни кэмигэр тутан бүтэрбитин бэлиэтээтэ. Саҥа дьиэҕэ 26 дьиэ кэргэн көһөн киириэҕэ. Кыбартыыралар бары өрөмүөннээх буоланнар, олохтоохтор көстүлэр да олорбутунан барар кыахтаналлар. Саҥа дьиэҕэ көһөөччүлэр ааттарыттан Вера Попова 2000 сыллаахха Өктөм нэһилиэгэр көһөн кэлиэҕиттэн уопсай дьиэҕэ олорбут.   2016 сыллаахха олорор уопсайа  хаарбах туруктаах  дьиэ ахсааныгар киириэҕиттэн, саҥа дьиэҕэ көһөрүн күүппүт.

-Саҥа дьиэбит эргэ дьиэбит таһыгар тутуллубут буолан, тутуу хайдах бара турарын кэтээн көрөр этибит. Маннык бырагыраама үлэлиириттэн олус үөрэбит. Киһи бас билэр дьиэлэниитэ диэн хас биирдии киһиэхэ саамай тутаах ирдэбил буолар, ыалларбын эҕэрдэлиибин! — диэн санаатын үллэстэр.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн национальнай бырайыак чэрчитинэн, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын нөҥүө Саха сирин 40 тыһыынча олохтооҕо саҥа дьиэҕэ көспүт. Бу сыллар усталара 200-тэн тахса элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллубуттар.

Хаҥалас улууһун пресс-сулууспатын хаартыската
What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Маны аах
  • Сонуннар

Бэйэбитин хайдах көрүнэбит?

Самаан сайыны көрсө дьон үксэ, сааһыттан тутулуга суох тупсуон, чэгиэнник, кэрэтик көстүөн баҕарар. Уойбут киһи…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэ ууга барда

Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүн түүнүгэр, халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэргэ уу киирэн, тиэргэннэри ылан, Нам…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыт, куоска буолан кубулуналлар

Кутурук иилиммит, сирэйигэр куоска мааскалаах эрдэҕэс саастаах кыыс оҕо оонньуур былаһааккатыгар түөрт атах буолан сылдьарын…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕын эбийиэктэрин тутуу бэс ыйын 10 күнүгэр түмүктэниэҕэ

Бэҕэһээ, ыам 17 күнүгэр, Амма улууһугар быйыл  ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар сүбэ-мунньаҕа…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Доруобай төрүөҕү оҕус биэрэр дуу, пробирка дуу?

Дьылбыт быйыл эрдэлээн иһэр буолан, сайылыктаахтар көһүүлэриттэн саҕалаан, тыа сиригэр үлэ тэтимэ биир кэм оргуйан…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саас уонна күн сибэккитэ

Саас харалдьык саҕана тымныыны, хаары-ардаҕы билиммэккэ нуоҕайа үүнэр кэрэчээн ньургуһун сибэккини хоту сир дьоно олоххо…

4 часа ago