Хаҥалас улууһуттан Дьокуускайга эриэйсэбэй оптуобус сылдьыаҕа

Share

Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ кэккэ хайысхаларынан алтынньы 21 күнүттэн сыл бүтүөр диэри оптуобустар сырыылара быстах кэмҥэ тохтуур диэн иһитиннэрбитинэн сибээстээн, Хаҥалас улууһун дьаһалтата нэһилиэнньэ тырааныспарынан сырыытын хааччыйар инниттэн суһал миэрэлэри ылбыт.

“Өрөспүүбүлүкэ маршруттара быстах кэмҥэ тохтуур буолбуттарынан, биһиги сүрүн сорукпут – улуус олохтоохторо тырааныспарынан тиһигин быспакка айанныылларын хааччыйыы. “Атлант Авто” ХЭУо суһаллык дьаһаммытын уонна бииргэ үлэлэһэргэ бэлэмин иһин махтанабын. Күүспүтүн холбоон, быстах уустуктары ааһыахпыт диэн эрэнэбин” – диэн улуус баһылыга Сергей Гребнев иһитиннэрбит.

Тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Туйаара Махарова  210-с нүөмэрдээх маршрутунан дьону таһыы табыгастаах уонна куттала суох буоларын туһугар “Атлант Авто” бары күүһүн ууруоҕа диэн бэлиэтээбит.

210-с нүөмэрдээх маршрут (“Атлант Авто” ХЭУо) сырыытын наардала:

Мохсоҕоллоох — Булгунньахтаах 07:00

Булгунньахтаах — Мохсоҕоллоох 07:40

Мохсоҕоллоох — Покровскай 08:30

Покровскай — Төхтүр 09:00

Төхтүр — Дьокуускай 09:45

Дьокуускай — Төхтүр 17:00

Төхтүр — Покровскай 18:00

Покровскай — Мохсоҕоллоох 18:45

Мохсоҕоллоох — Булгунньахтаах 19:10

Булгунньахтаах — Мохсоҕоллоох 19:40

Покровскайтан Дьокуускайга диэри билиэт сыаната 300 солк. тэҥнэһэр.

Бу туһунан Хаҥалас улууһун пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан «Звезднайга» саҥа оскуола тутуутун хаамыытын билистэ

Дьокуускай куоракка "Звёзднай" түөлбэҕэ 990 миэстэлээх оскуола тутулла турар. Тутуу үлэтэ былаан быһыытынан ыытыллар. Бүгүн…

23 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэбээн Күөлтэн төрүттээх булчут Маарыйа

Аныгы сайдыылаах үйэҕэ дьахталлар эр дьонтон хаалсыбакка, аар тайҕаларыгар бултуу бараллар, күһүн-саас кустууллар-хаастыыллар. Маннык сэдэх…

60 минут ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Нам улууһугар икки киһи эчэйиини ылан балыыһаҕа киирбит

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр сэттэ буруйу оҥоруу тахсыбыт. Манан процессуальнай бэрэбиэркэни ыытыыны уонна холуобунай дьыалалары…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: «Уйбаачааннар бултуйбуттар!» (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа  Уйбаан СИЛИГИ «Уйбаачааннар бултуйбуттар!»   кэпсээнин…

2 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Саргы Куо: “Туохтан да күндү — олох олоруу”

Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылаана Гольдерова-Саргы Куо саха суругунан литэрэтиирэтин  125…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баартыйа «Урбаан» бырайыагын эрэгийиэннээҕи координатора байыаннай дьайыы бэтэрээнин кытта көрүстэ

Бэҕэһээ "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа уопсастыбаннай өйөбүлүн ыстаабыгар "Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа "Урбаан" федеральнай бырайыагын…

3 часа ago