Хаҥалас уонна Абый улуустара байыаннай дьайыы зонатыгар үлэлииллэр
Бу күннэргэ Хаҥалас уонна Абый улуустарын дэлэгээссийэлэрэ байыаннай дьайыы зонатыгар үлэлииллэр. Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ Саха сирин тирэх пуунун үлэһиттэрэ дэлэгээссийэлэр биир дойдулаахтарын кытары көрсүһүүлэрин хааччыйаллар.
«Тирэх пуун үлэһиттэрэ кэнники нэдиэлэҕэ Саха сириттэн сылдьар байыаннай сулууспалаахтар быстах кэмнэ баар 49 нэһилиэнньэлээх пууннарын хабан, 17 төгүл сырыттылар. Байыастарга 214 аадырыстаммыт баһыылканы тириэртилэр”, — диэн “Юстас” диэн позывнойдаах, Саха сирин тирэх пууннарын сүрүн сүрүннээччи иһитиннэрдэ.
Ону таһынан тирэх пуун мэхээнньиктэрэ 8 тиэхиньикэни, ол иһигэр биэс “Якт-Сокол” квадроциклы, өрөмүөннээтилэр.
“Хааччыйар пууҥҥа 16 бойобуой уонна анал тиэхиньикэ аҕалыллыбыта. Бу тиэхиньикэлэри сотору кэминэн чөлүгэр түһэриэхтэрэ уонна байыаннай сорудахтары толорорго ыытыахтара”, — диэтэ “Юстас”.
СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: