Хаҥаласка былыргы кыыллар кырамталара көһүннэ
Сэтинньи 12 күнүгэр Хаҥалас улууһун Үөһээ Бэстээҕэр «РИК Автодор» АУо карьерыгар үлэһиттэр буор хаһа сылдьан былыргы кыыллар кырамталарын булбуттарын туһунан иһитиннэрбиттэрэ.
Үлэһиттэр тута биллэрэннэр, тустаах дьон, учуонайдар уонна биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, «Эллэйаада» научнай-чинчийэр экспэдииссийэ салайааччыта Прокопий Ноговицын миэстэтигэр тиийэн көрдүлэр-иһиттилэр.
Прокопий Романович быһаарбытынан, карьертан түүлээх носоруок уҥуоҕа, бизон муоһун чааһа, бараан төбөтүн уҥуоҕун кырамтата, хотугу таба уҥуохтара уонна сэлии тоноҕоһун уҥуоҕа булуллубуттар. Түүлээх носоруок өттүгүн чорбохтоох уҥуоҕа эбит, оттон бизон муоһун сүнньэ 33 см диэн быһаардылар. Кыраайы үөрэтээччи этэринэн, 2006 с. оруобуна манныгы, ол гынан баран 25 см булбуттар эбит.
«Булуллубут кырамталары ылан өссө үөрэтиэхпит, эһиил манна экспэдииссийэҕэ сылдьар оҕолору уонна учуонайдары кытары кэлэн чинчийэр хаһыылары ыытыахпыт. Онуоха диэри бу сиргэ үлэни тохтотуохтара. Оҕолору кытары биһиги сайын өттүгэр экспэдииссийэҕэ сылдьабыт. Оттон бэҕэһээ 2-с кылаас үөрэнээччитэ, эдэр палеонтолог Проня Ноговицыны кытары кыһыҥҥы похуокка сырыттыбыт. Кини бу иккис сырыыта. Элбэх сэдэх булумньулар бааллар, сэлии атлант тоноҕоһо кэтэҕин чөмчөкөтүгэр сыстан хаалбытын учуонайдар сэргээтилэр. Бу кырдьаҕас кыыл быһыылаах диэн сабаҕалаатылар, тоҕо диэтэххэ, төбө уҥуоҕа, тоноҕоһо уонна тааһа сааһыран истэҕин аайы сыстан хаалар. Хаар бараанын төбөтүн уҥуоҕун кырамтата бу 7 булумньу, аан дойду үрдүнэн 30-ча эрэ булуллубута биллэр. Ол туһунан биһиги учуонайдары кытары кыттыгастаах ыстатыйаларбыт тахсыбыттара, өссө да чинчийэбит», – диэн Прокопий Ноговицын санаатын үллэһиннэ.
Иллэрээ күнтэн Кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицын аатырбыт палеонтолог учуонайдары кытары бу булумньулары үөрэтиини-чинчийиини саҕалаатылар. Ханты-Мансийскайтан «Киһи уонна айылҕа» палеонтология мусуойун сэбиэдиссэйэ Константин Протодьяконов бу булумньулар бизон, түүлээх носоруок, хаар бараанын, хотугу таба кырамталара диэн бэйэтин сабаҕалааһынын эттэ. Кини икки уҥуох хотугу таба бөдөҥ уҥуоҕун «дистальнай» төбөлөрө диэн быһаарар, чинчийии, дьүүллэһии учуонайдар бөлөхтөрүгэр салҕанар.
Кыраайы үөрэтээччи карьер үлэһиттэригэр, суолу оҥорооччуларга, булумньуларын мэлдьи тута биллэрэн иһэллэрин иһин улахан махталын тириэрдэр. Чуолаан, «Автодор» АУо Хаҥаластааҕы филиалын директора И.В. Землянскаяҕа, учаастак начаалынньыга А.В. Малыхха, экскаваторщик С.С. Федоровка наукаҕа туһалаах дьыаланы оҥороллоругар махтанар.
Прокопий Ноговицын хаартыскалара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: