Хаартыска социальнай ситимтэн
Бүгүн сарсыардаттан социальнай ситиминэн Хаҥалас улууһун 1-кы Дьөппөнүгэр тахсыбыт дьикти быһылаан туһунан сурах тарҕанна. Бэҕэһээ Хаҥалас улууһугар сарсыардаттан күүстээх этиҥнээх ардах түспүт, күн аҥара уот бара сылдьыбыт.
Этиҥ этэр кэмигэр чаҕылҕан дьиэни курдаттыы саайан, төлөпүөн нөҥүө ааһан ороҥҥо сытар уолу охсубут. Уол күүстээх охсууттан өйүн сүтэрэн ылбыт, туох буолбутун сороҕун өйдөөбөт эбит. Чаҕылҕан уота сөкүүндэҕэ 100 тыһ. км түргэннээхтик субуллар, 20-180 тыһ. ампер күүстээх дииллэр, ол үлүгэрдээх охсууну хата эдэр буолан тулуйдаҕа. Чаҕылҕан охсуутун содула кэлин хайдах буолуо биллибэт.
Уолу тута Хаҥалас оройуоннааҕы киин балыыһатыгар ыыппыттар. Хаартыскаҕа көрдөххө, уол көхсүгэр тилийэ улахан бэлиэ суол хаалбыт. Уол дьонун кытары кэпсэтэ сырыппыппытыгар, төбөтө, этэ-сиинэ ыалдьар диэтилэр. Ол эрээри билиҥҥитэ быраастар көрөн баран, доруобуйатыгар куттал суох диэннэр, дойдутугар төннүбүт. Аармыйаттан саҥа кэлбит, эт-хаан өттүнэн чэгиэн буолан уол аһарыннаҕа диэн биир дойдулаахтара кэпсииллэр.
«Биһиги балыыһабытыгар бэҕэһээ этиҥҥэ оҕустаран кэлбит эмсэҕэлээбит киһиэхэ мэдиссиинэ көмөтүн оҥорбуппут уонна дьиэтигэр ыыппыппыт. Билиҥҥитэ доруобуйатын кэтээн көрөбүт», — диэн эттэ Хаҥаластааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһын солбуйааччы Анастасия Спиридонова.
Этиҥнээх, чаҕылҕаннаах кэмҥэ хайдах дьаһанары син билэр курдукпут эрээри, үөһэттэн туох ыйыллан турарын билбэппит. Ол эрээри ардыгар, үгүстүк эдэр оҕолор уокка холбонору барытын: тэлэбиисэр, төлөпүөн, араадьыйа, компьютер, атын даҕаны тиэхиньикэ буоллун, баардаабаттар. Аныгы үйэҕэ төлөпүөн олохпут аргыһа буолан, утуйарбытыгар кытары хоонньубутугар укта сытабыт. Бу олус сэрэхтээх, этиҥ да эппэтэҕинэ, чаҕылҕан да охсубатаҕына, бэйэтэ эмиэ эстэр кутталлаах. Оттон бу быһылаан киһи олоҕун чахчы кыл түгэнэ быһаарыан сөбүн көрдөрдө.
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.
От ыйыгар ГАИ үлэһитин тохтобулга ирдэбилин толорботох иһин ыстараап 12,5 төгүл үрдүөҕэ, ОСАГО полиһа суох…
От ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр сахалыы тыллаах көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэригэр,…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан байыаннай дьайыы 32 кыттыылааҕа уонна байыаннай сулууспалаахтар 85 дьиэ кэргэттэрин чилиэнэ…