Хаҥаласка дьахтар 50 тыһ. солк. хамнаһын уордулар
16.05.2024, 17:00
Мария Васильева (СИА)хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:
ИДьМ холуобунай ирдэбилин үлэһиттэрэ Хаҥалас улууһугар харчыны уорууга уорбаланар 52 саастаах эр киһини туттулар.
Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар. Эмсэҕэлээбит дьахтар ыалдьыттыы сылдьан, билэр дьонун хампаанньатын ортотугар арыгы испит уонна сарсыҥҥы күнүгэр 50 000 солк. суума харчытыттан маппыт. Бу иннинэ дьахтар хамнаһын укта сылдьыбыта билиннэ. Силиэстийэ быһаарыытынан, эр киһи хампаанньа арыгы иһэллэрин кэмигэр, дьахтар көрбөтүнэ, бакыаттан кумааһынньыгын хостообут уонна харчыны барытын бэйэтигэр уктубут. Уоруллубут харчы сорҕото булулунна.
РФ Холуобунай Кодексатын 2 ч. 158 ыст. холуобунай дьыала тэрилиннэ. Уорбаланааччы 5 сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: