Быйыл хаар халыҥ буолан, куоракка уонна тыа сиригэр кутталы үөскэтэр. Ол туоһутунан бэҕэһээ, кулун тутар 26 күнүгэр, киэһэ 18.30 чааска Хаҥалас улууһун Чкалов сэлиэнньэтигэр баар уопсай хотон сууллан, ыксалы үөскэтэ сырытта.
Бу 1986 сыллааҕы эргэ хотоҥҥо “Тиит Арыы” ТХПК сүөһүлэрэ (180 төбө, онтон ынаҕа – 122) кыстаан тураллар.
“Саха сирэ” хаһыат эрэдээксийэтигэр улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Андрей Леонидович Архипов иһитиннэрбитинэн, дьолго, хата, киһи даҕаны, сүөһү даҕаны эмсэҕэлээбэтэх. Улахан хотон буолан, сүөһүлэр атын өттүгэр турар буолан, быыһаммыттар.
Быстах өрөмүөн ыытыллыбыт. Балаһыанньа болҕомтоҕо ылыллар.
Онон сааскы ириэрии кэмигэр халыҥ хаартан сылтаан, барытыгар даҕаны сэрэхтээх буолбут.
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Хэйлунцзян провинциятын губернатора, хотун Лян Хуэйлин кытары оробуочай көрсүһүүтүгэр…
Самаан сайыны көрсө дьон үксэ, сааһыттан тутулуга суох тупсуон, чэгиэнник, кэрэтик көстүөн баҕарар. Уойбут киһи…
Бүгүн, ыам ыйын 18 күнүн түүнүгэр, халаан уутуттан эмсэҕэлиир нэһилиэктэргэ уу киирэн, тиэргэннэри ылан, Нам…
Кутурук иилиммит, сирэйигэр куоска мааскалаах эрдэҕэс саастаах кыыс оҕо оонньуур былаһааккатыгар түөрт атах буолан сылдьарын…
Бэҕэһээ, ыам 17 күнүгэр, Амма улууһугар быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар сүбэ-мунньаҕа…
Дьылбыт быйыл эрдэлээн иһэр буолан, сайылыктаахтар көһүүлэриттэн саҕалаан, тыа сиригэр үлэ тэтимэ биир кэм оргуйан…