Хаҥаласка квест-оонньууну улаханнык сэргээтилэр
Г.В. Ксенофонтов аатынан Хаҥаластааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ дьиэ кэргэн болҕомтотун тардар “Хоруол тумус” диэн квест-оонньуу буолла.
Квест-оонньууга Покровскай куораттан үс хамаанда кытынна. Эдэр ыаллар, иккилии оҕолоох дьиэ кэргэттэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Квест-оонньуу алта сорудахтаах. Холобур, былыргы хаартысканы көрөннөр, бу ханнык уулусса буоларын таайаллар. Салгыы, М.Е.Николаев көҕүлээһининэн 2002 сыллаахха Санкт-Петербург куоракка ханнык пааматынньык оҥоһуллубутун этиэхтээхтэр. Хаартыска фрагменынан таайыы уонна булуу түргэн-тарҕан буолууну эрэйдэ.
Уопсайынан, маннык квест-оонньуу нэһилиэнньэ болҕомтотун тарта уонна дьону-сэргэни түмтэ. Кыттааччылар сорудахтарынан көрдөөн булууну наһаа сөбүлээтилэр, сэргээтилэр.
Түмүккэ маннык оонньуу дьоҥҥо киэҥ билиини-көрүүнү биэрэр, өйү сайыннарар диэн улаханнык астыммыттарын биллэрдилэр. Сэргэх тэрээһинтэн бары да үөрдүбүт.
Елена Филиппова,
Улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл старшай научнай үлэһитэ.
Хаҥалас
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: