Салгыы
Хаҥаласка «күн сибэккилээх» бааһына киэркэйдэ

Хаҥаласка «күн сибэккилээх» бааһына киэркэйдэ

Ааптар:
09.08.2024, 13:45
Хаартыска: «Хаҥалас» ТГ-ханаала
Бөлөххө киир:

Хаартыскаҕа түһэргэ интэриэһинэй  миэстэ көрдүүгүт дуо? Бу ыйга хаартыскаҕа түһэрээччилэр уонна түһээччилэр сөбүлээн сылдьар сирдэринэн Хаҥалас улууһун Нөмүгү бөһүөлэгин аттыгар «күн сибэкки» (подсолнух) үүнэр бааһыната буолла. 

«Хаҥалас» ТГ-ханаала суруйарынан, подсолнух сибэкки бааһыната Саха сирин тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр үнүстүүтүн 30-ус учаастагар арыллыбыт. Манна «күн сибэккитин» таһынан үнүстүүт кукурузаны, судан оту, эбиэс бурдугу үүннэрэр уонна үөрэтэр. Үнүстүүт учуонайдара «күн сибэккитин», биллэн турар, фотоблогердарга буолбакка, научнай сыаллаах олордубуттар. Үс сыл устата учуонайдар ирбэт тоҥ сиригэр үүнээйилэр хайдах үүнэллэрин кэтээн көрөллөр. Ол кэннэ хомуйбут билиилэрин Саха сирин хаһаайыстыбаларынан тарҕатыахтара.

Ону кытта үнүстүүт учуонайдара  бааһына сирин тупсарарга быһаарбыттар уонна ким баҕалаах сылдьарыгар харчыга көрдөрүөхтэрэ. Киирии билиэт сыаната улахан дьоҥҥо — 100 солк., оҕолорго — 50 солк. Үлэлиир чааһа сарсыарда 9.00 чаастан киэһэ 21.00 чааска диэри, өрөбүлэ суох диэн «Хаҥалас» ТГ-ханаала суруйар. ( «Подсолнуховое поле»)

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
7 декабря
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: