Салгыы
Хаҥаласка сахалыы «саҥарар» кинигэлэри оҥороллор

Хаҥаласка сахалыы «саҥарар» кинигэлэри оҥороллор

17.11.2022, 21:34
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Хаҥалас улууһун Покровскай куоратыгар бибилэтиэкэ иһинэн баар «Сахалыы сайгыччы саҥаран» кулууп чилиэннэрэ сахалыы тылынан аудио-испэктээктэри уонна аудиокинигэлэри оҥорор бырайыагы саҕалаатылар.

Кинигэлэр бастакы түһүмэхтэрэ сахалыы «саҥаран», нэһилиэнньэ биһирэбилин ылбыта.
Бастаан маннык аудиокинигэлэри доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо анаан оҥорбуттар эрээри, атыттар эмиэ олус сэргээбиттэр. Ол иһин бырайыак тэрийээччилэрэ  салгыы бу үлэлэрин  кэҥэтэргэ соруммуттар.
Сотору кэминэн Павел Харитонов-Ойуку «Хоболоох суол» романа, Анатолий Харлампьев «Хоппуруон чулку» кэпсээнэ, Егор Федоров-Долун «Хопто хаһыыта» кэпсээннэрин хомуурунньуга, Анна Варламова-Айысхаана «Кэмсилгэн» сэһэнэ, Исай Никифоров «Күн тахсыыта» айымньыта уонна Алексей Кулаковскай Хаҥалас сиригэр-уотугар олорон суруйбут «Ойуун түүлэ», «Саха интэлигиэнсийэтигэр суруга» уонна «Өрүс бэлэхтэрэ» айымньылара аудиоформатынан тахсыахтара.
«Кинигэни аудиоҕа устар мээнэ дьыала буолбатах, ааҕар киһи ис дууһатынан ылынан, дьоруойдарын оруолларыгар киирэн, куолаһынан, тонунан айымньыны тириэрдиэхтээх. Бу сайыны быһа кинигэлэри устаары элбэхтик аахпыттар, аны сотору студияҕа ааҕыахпыт, онно тыаһын-ууһун киэргэтиигэ СМАРТ-бибилэтиэкэ үлэһитэ Максим Петров күүскэ үлэлиэ», – диэн улуустааҕы бибилэтиэкэ краеведческай отделын кылаабынай бибилэтиэкэрэ Валентина Колесова санаатын үллэһиннэ.
Онон хаҥаластар Саҥа дьылга саҥа аудиокинигэлэри ааҕар кыахтаныахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: