Салгыы
Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Хаҥаласка тэлэбииһэр уорбут 30 саастаах дьахтары туттулар

Ааптар:
28.11.2024, 19:30
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Хаҥалас улууһун олохтооҕо дьиэтин иһиттэн малын уорбуттарын туһунан полицияҕа тыллаабыт.

Эмсэҕэлээччи эр киһи 30 000 солк. суумалаах тэлэбииһэр дьиэтигэр суох буолбутун булбут. Бу туһунан  ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Полиция үлэһиттэрэ уорбаланааччыны туттулар. Кини 30 саастаах олохтоох дьахтар буолара билиннэ.

Силиэстийэ быһаарыытынан, уорбаланааччы дьахтар ыалдьыттыы сылдьан арыгы испит. Арыгы бүппүтүн кэннэ дьахтар салгыы арыгы иһиэн баҕарбыт. Билэр киһитэ ыаллыы олорор киһиттэн харчы иэс көрдүүргэ этии көтөхпүт. Ол кэмҥэ доҕоро дьиэтигэр суох буолан биэрбит, эбиитин аана аһаҕас турбут. Бу түгэни туһанан хара санаалаах дьахтар тэлэбииһэр уоран ыларга санаммыт. Уоруллубут тэлэбииһэри дьахтар ситэ атыылаабакка хаалбыт. Тэлэбииһэр хаһаайыныгар төннөрүллүбүт. Холуобунай дьыала тэрилиннэ. Хара санаалаах дьахтар алта сылга диэри болдьоххо көҥүлэ быһыллыан сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
28 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -29°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: