Хаҥаласка уонна Өлүөхүмэҕэ – сиэмэни уонна азоту

Share

Соторутааҕыта “Сахаагроплем”  судаарыстыба бүддьүөт тэрилтэтин исписэлиистэрэ Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар командировкаҕа сырыттылар. Ол курдук, кинилэр Хаҥалас улууһугар – Тиит Арыыга, Тумулга, Сиинэҕэ, Кытыл Дьурааҕа, Үөдэйгэ ынаҕы искусственнайдык буоһатыыга анаан сиэмэни, азоту, туһаныллар матырыйаалы илтилэр.

Манна хаһаайыстыбаларга ынахтар төрөөн эрэллэр эбит. Улахан Ааҥҥа (тыа хаһайыстыбатын исписэлииһэ А.П. Карпова) сүөһү ахсаана эбиллэн эрэриттэн исписэлиистэр санаалара көтөҕүллүбүт.

Салгыы Өлүөхүмэҕэ эмиэ азоту, сиэмэни тиэрдибиттэр. “Өлүөхүмэ кыладабыайа” агрофирмаҕа таарыйбыттар. Үҥкүргэ, 2-с Нөөрүктээйигэ, Кыыллаах Арыыга, Абаҕаҕа сылдьан, үлэни-хамнаһы билсибиттэр. Таарыччы тиэхиньик-осеменатордары үөрэппиттэр.

Бүгүҥҥү туругунан, агрофирма Бөлкөй пиэрмэтигэр 35 ынах төрөөбүт. Былырыын манна “Эллада № 112” диэн ынах 7061 киилэ үүтү биэрбит  буоллаҕына, быйылгы көрдөрүүтэ — 7400 киилэ үүт. Икки ынахтан алта тыһыынчаттан тахса үүтү үрүлүппүттэр. Онон хаһаайыстыбаҕа  рекорду олохтообут ынахтар бааллар.

Ити курдук, “Сахаагроплем” СБТ ынаҕы буоһатыыга отделын (сал. Лазарь Барбахтыров) исписэлиистэрэ хаһаайыстыбалары кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Россельхозцентр” филиала былаанын толорбут

СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтэ ыыппыт агрономнар сүбэ мунньахтарыгар   “Россельхозцентр” ФГБТ Саха сиринээҕи…

5 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Ленскэй оройуонугар пассажирдары таһар оптуобус суолтан туораабыт

Бүгүн, тохсунньу 22 күнүгэр, күнүс 12 чааска Ленскэй оройуонун сэлиэнньэлэринэн пассажирдары таһар оптуобус суолтан туораата.…

8 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Кыһалҕаны билбит сэрии сылларын оҕолоро байыаннай дьайыыга көмөлөһөллөр

Бүгүн Элбэх туһалаах сүбэ-ама баара, байыаннайдар төрөппүттэрин ыйытыыларыгар барытыгар хоруйдаатылар. Тустууктар ийэлэригэр, аймахтарыгар санааларын түһэрбэккэ,…

15 минут ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Үөһээ Бүлүүгэ тыа хаһаайыстыбата сайдар кэскиллээх

Үөһээ Бүлүү улууһугар ааспыт сыл түмүгүнэн тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар 16 сүөһү, сылгы иититинэн дьарыгырар потребительскай…

34 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бу бээтинсэҕэ — «Коркин. Андаҕар» испэктээк

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырын испэктээктэрин эккирэтэ сылдьан барыларын кэриэтэ олус сөбүлээн көрөбүт. Биир…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амматааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ оҕолору тулалыыр эйгэни кэтээн көрөргө үөрэтэллэр

Бэҕэһээ, тохсунньу 22 күнүгэр, Амма улууһунааҕы айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ Л.В. Киренскэй аатынан Амматааҕы лиссиэй 3-с…

1 час ago