Хаҥаластан Ленинградтааҕы театральнай институкка 8 ыччат үөрэнэ барбыта

Share

Кинилэр туолбатах сырдык ыраларын биир дойдулаахтара холустаҕа түһэрэн үйэтиппиттэр

Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.
Хаартыска: Прокопий Ноговицын тиксэриитэ.

1940 сыллаахха Ленинградтааҕы А.Н. Островскай аатынан Театральнай институкка 34 саха ыччата, ол иһигэр Хаҥаластан 8 эдэр ыччат тиийэн, эрчимнээхтик үөрэхтэрин саҕалаабыттара. Кинилэр сырдык ыралара кырыыстаах уот сэрии саҕаланан, блокадаҕа түбэһэн туолбатаҕа. Устудьуоннар бары Ленинград куорат көмүскэлигэр туруммуттара, 7 уол сэрии толоонугар охтубуттара, 3 уол репрессия суорунатыгар түбэспиттэрэ, 4 ыччат хоргуйан өлбүтэ, 6 ыччат сэрииттэн төннүбүтэ, кыргыттар блокадаттан босхоломмуттара.

2019-2020 сылларга Ой сэлиэнньэтин худуоһунньуктара аҕыс биир дойдулаахтарын ыра санааларын түрбэ холустаҕа түһэрэн хартыына оҥорон, дьүһүйэн ойуулаабыттара быйыл Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар бэһис сылын туолар. Бу сыллар тухары быыстапка Саха сирин устун элбэхтик айаннаата, дьон-сэргэ болҕомтотун тарта. Дьон олуһун сэргиир, аймах-уруу дьоннорун махталларын ылыан ылар, олус долгутуулаах түгэннэр үөскүүллэр.

Бүгүн, тохсунньу 28 күнүгэр, Дьокуускайтан режиссер Сергей Зверев, эпэрээтэр Саарын Егоров-Эдьигээн Уола, Москваттан режиссер Татьяна Мирошник студиецтар ааттарын үйэтитэр документальнай киинэлэригэр анаан уһулан бардылар. Олуһун диэн сөхтүлэр, астыннылар уонна өссө элбэҕи эбии билбиттэрин биллэрдилэр, махтаннылар. Ыалдьыттарбытыгар Нөмүгү нэһилиэгин Кыл Түмсүү иистэнньэҥнэрин аатыттан кыл ымыылары бэлэхтээн үөртүбүт.

Алгыс анаатыбыт, дьол-соргу эҥэрдэстин!!! Түмсүү кыттыылаахтарыгар барыбыт аатыттан барҕа махтал!

Прокопий Ноговицын

What’s your Reaction?
+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бэчээттэннэ

Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бу сыл олунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Дьаһалга…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

«122» Доруобуйа харыстабылын кэлим контакт-киинэ мэдисиинэ көмөтүн ылыыны чэпчэтэр

“122” Доруобуйа харыстабылын кэлим контакт-киинигэр 24 эпэрээтэр үлэлиир, кинилэр мэдисиинэ тэрилтэлэрин үлэлиир чаастарыгар сөп түбэһэн…

24 минуты ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

#ПозывнойКультура: Эрхаан байыаннай дьайыы зонатыгар кэнсиэртээтэ

Ю.Е. Платонов аатынан судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырын артыыһа, биллэр артыыс Аркадий Николаев - Эрхаан  бу күннэргэ…

26 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сыыппара уонна киһи

Киһи дьылҕатыгар чыыһыла сабыдыалын үөрэтэр билим салаата нумерология диэн ааттанар. Нумерология былыр-былыргыттан баара биллэр. Улуу…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев «Якутия, вперёд!» биэриигэ тохсунньу ый түмүгүн таһаарыа

Бүгүн, тохсунньу 30 күнүгэр,  «Якутия 24», «Саха» НКИХ телеханаалларынан уонна «Тэтим» араадьыйанан «Якутия, вперёд!» биэрии…

40 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Булуҥҥа буурҕа тохтуу илик

Бүгүн, тохсунньу 30 күнүгэр, Булуҥ улууһугар буурҕа өссө да тохтуу илик. Хомунаалынай тэрилтэ хочуолунайдара дьиэлэри,…

54 минуты ago