Салгыы
Хаҥаластар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар муус ылаллар

Хаҥаластар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар муус ылаллар

07.11.2024, 16:30
Хаартыска СӨ баһаары утары сулууспатын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр кыһын кэлэн, олохтоохтор кыһыҥҥы муустарын ылан саҕалаатылар. Мууһу ылыы – саха киһитин кыһыҥҥы уһун ыйдарга ыраас, сибиэһэй ууну хаһаанар төрүт ньымата.

Саха сирин үгүс нэһилиэктэригэр дьиэлэр киин ититиигэ холбоммотор, онон иһэр да, туттар да уулара суох. Инньэ гынан мууһу ылыы – тыын боппуруос буолар.

Бу эр киһи ыарахан үлэ – мууһу чугастааҕы ыраас уулаах сиртэн эрбээн ылан баран, массыынаҕа тиэйэн дьиэҕэ илдьиэххэ наада. Хаҥалас улууһунааҕы 37-с №-дээх баһаары утары судаарыстыбаннай сулууспа отделын Сиинэтээҕи дьоҕус баһаарынай чааһын үлэһиттэрэ анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр мууһу ылан, бэлэмнээн дьиэлэригэр тиэйэн биэрдилэр.

Маннык көмө сыл аайы ыытыллар, тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи ыарахан кэмҥэ өйөбүл уонна көмө улахан суолталаах диэн СӨ Баһаары утары сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: