«Муус устар» ыччат бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллыбыт «Бастакылар хамсааһыннара» тэрээһиҥҥэ 29 улуустан кэлэн, уопсастыбанньык оҕолор араас тэрээһиннэргэ кыттыыны ыллылар.
Быйыл ыытыллыбыт ыччат уонна оҕо 1-кы сүлүөтэ Арассыыйаҕа Педагог уонна уһуйааччы сылыгар, Саха сиригэр Үлэ сылыгар ананан ыытылынна. Онон бары тэрээһиннэргэ, куонкурустарга эспиэрдэринэн уопуттаах педагогтар уонна уһуйааччылар буоллулар. Уопсастыбанньык оҕолор барыга бары көхтөөхтөрө астыннарда.
Хаҥалас улууһуттан «Хаҥалас эрэлэ» оҕо түмсүүтүн салайааччыта Мария Саввина сүлүөккэ оройуон биэс оскуолатыттан дэлэгээттэри аҕалбыт. Мария Михайловна 1996 сылтан тэрийээччи-педагогунан үлэлиир.
Хаҥалас уһуйааччытын кытта сүлүөт үлэтин кэмигэр көрсөн кэпсэттим.
Мария Саввина тэрээһини дэлэгээтинэн кэлбит оҕолор олус сөбүлээбиттэрин, бары бырайыактарын көмүскээн бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэрин киэн тутта кэпсээтэ. Биллэн турар, «мууһу хамсаппыт» дьон быһыытынан оҕолор дойдуларыгар тиийэн өссө көхтөөхтүк турунан үлэлиэхтэрэ буоллаҕа.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038