Хандьыдааттар дебаттара: үлэ бэлиитикэтэ
Бүгүн, атырдьах ыйын 30 күнүгэр, «Саха» НКИХ ханаалыгар быһа эпииргэ Саха сирин баһылыгын дуоһунаһыгар хандьыдааттар иккис дебаттара буолан ааста.
«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан Айсен Николаев, ЛДПР-тан Гаврил Парахин, КПРФ-тан Виктор Губарев киһи уонна дьиэ кэргэн сайдыытыгар тирэҕинэн буолар үлэ престиһин уонна үлэ туһунан өйдөбүлү уопсастыбаҕа бөҕөргөтүү туһунан санааларын эттилэр.
Ханнык баҕарар уопсастыба туруктаах буолуутун төрдүнэн үлэҕэ ытыктабыл буолар диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев. Ол иһин кини 2023 сылы Үлэ сылынан биллэрэр ыйааҕы баттаабыта. Хандьыдаат үлэни өрө тутар сыалтан Саха сиригэр өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үлэһит дьонугар 300 тыһыынча солкуобайдаах 50 бириэмийэ олохтоммутун эттэ.
Оттон Гаврил Парахин эппитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ исписэлиистэр тиийбэттэр. Мэдиссиинэ эйгэтигэр, холобур, тиис оҥорор тиэхиньиктэри үөрэттэрии олус ыарахан, онон каадыр тиийбэт диэн бэлиэтээтэ.
Виктор Губарев орто анал үөрэх училищеларын сарбыйыы уонна оробуочай идэлэри маассабайдык тарҕатыыны ыыппат буолууттан үлэ сыаналаммат буолла диэн эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: