Ханна быыбардар буолалларый?

Share

Бэс ыйын 23-24 күннэригэр Саха сиринээҕи Быыбар киин хамыыһыйата муниципальнай быыбардары анаата.

Быыбар киин хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, маннык поселениеларга баһылык быыбара ыытыллыаҕа:

Алдан куоратыгар, Аллараа Кураанах бөһүөлэгэр, Бөллөт эбэҥки национальнай нэһилиэгэр (Алдан); Бөрөлөөх, Юкагир национальнай нэһилиэктэргэ (Аллайыаха); Ботуобуйа, Чуона нэһилиэктэригэр, Айхал бөһ. (Мииринэй); Төбүлэх национальнай нэһилиэгэр (Муома); Черскэй бөһ. (Аллараа Халыма); Заречнай бөһ., Саҥыйахтаах, Улахан Муҥку, Хоро нэһилиэктэригэр (Өлүөхүмэ); Березовка национальнай көс нэһилиэгэр (Орто Халыма); Таатта, Даайа Аммата, Орто Амма, Уус Амма нэһилиэктэргэ (Таатта); Дьэр, 1-кы Малдьаҕар, Тумул нэһилиэктэригэр, Мохсоҕоллоох бөһ. (Хаҥалас); Түһэгиир, Үөһээ Бытантай, Аллараа Бытантай нэһилиэктэригэр (Эбээн Бытантай).

Маннык поселениеларга бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын быыбара буолуоҕа.

Алдан куоратыгар, Аллараа Кураанах, Ленинскэй бөһүөлэктэргэ, Чагда нэһилиэгэр, Бөллөт эбэҥки национальнай нэһилиэгэр (Алдан); Чокуурдаах бөһ., Юкагир национальнай нэһилиэккэ (Аллайыаха); Ботуобуйа, Садын национальнай нэһилиэктэригэр (Мииринэй); Искра нэһилиэгэр (Нам); Березовка национальнай көс нэһилиэгэр (Орто Халыма); Таатта, Амма, Даайа Аммата, Дьохсоҕон, Игидэй, Октябрьскай, Орто Амма, Уус Амма нэһилиэктэргэ (Таатта); “Бэлкэчи сэлиэнньэтэ” СП (Уус Маайа); Дьэр, 1-кы Малдьаҕар, 5-с Малдьаҕар, Тумул нэһилиэктэригэр, Мохсоҕоллоох бөһ. (Хаҥалас); Түһэгиир, Үөһээ Бытантай, Аллараа Бытантай нэһилиэктэригэр (Эбээн Бытантай).

Улуус таһымыгар дьокутааттарга эбии быыбардар Дьааҥы, Уус Маайа улуустарыгар ыытыллыахтара.

Поселение таһымыгар дьокутааттарга эбии быыбар Тиксии бөһ. (Булуҥ); Далыр нэһилиэгэр (Үөһээ Бүлүү); Югоренок бөһ. (Уус Маайа) буолуоҕа.

Бэс ыйын 24 күнүн туругунан Саха сиригэр 215 муниципальнай быыбар буолара быһаарылынна, ол иһигэр 4 – улуус баһылыгын быыбара, 98 – поселение баһылыгын быыбара, 104 – поселение таһымыгар дьокутааттар быыбардара, 9 – улуус таһымыгар дьокутааттар быыбардара.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Соморсуҥҥа арҕахха киирбэтэх тыатааҕыны бултаатылар

Бүгүн Амма улууһун Соморсунугар тыатааҕыны өлөрбүттэрин туһунан видео тарҕанна. Онон сибээстээн, СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга,…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Оҕо салгыы 10-11-с кылаастарга үөрэнэрин туох да хааччахтаабат

Алтынньы 22-23 күннэригэр Ил Түмэн уон төрдүс пленарнай мунньаҕа буолуохтаах, дьокутааттар Ил Дархан Төрүт Сокуоҥҥа…

35 минут ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Биир дойдулаахпыт «Пятница!» телеханаалга «Битва шефов» шоуга кытынна

Алтынньы 20 күнүгэр, Асчыт күнүгэр,  «Пятница!» телеханаалга «Битва шефов» шоу бэһис сезонун  15 таһаарыытыгар  "Тыгын…

53 минуты ago
  • Сонуннар

Ил Дархан: “Дьон быыбарданар уонна быыбардыыр бырааптара быһыллыбат”

“Саха” ГТРК  “Быһа кэпсэтии” биэриитигэр Ил Дархан Айсен Николаев СӨ Төрүт Сокуонугар киирэр уларытыылар өрөспүүбүлүкэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Арктикаҕа таһаҕаһы тиэйиигэ харгыстар туоратыллыахтара

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бүгүн, алтынньы 21 күнүгэр,  «Саха» ГТРК «Прямой разговор» аһаҕас эпииргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Эһиил хамнас алын кээмэйэ улаатыаҕа

Саха сиригэр  2026 сылга хамнас алын кээмэйэ  20%-нан  үрдээн,  67 тыһ. солкуобай буолуоҕа. Бу туһунан …

2 часа ago