Хаартыска: Быыбар киин хамыыһыйата
Бэс ыйын 23-24 күннэригэр Саха сиринээҕи Быыбар киин хамыыһыйата муниципальнай быыбардары анаата.
Быыбар киин хамыыһыйата иһитиннэрбитинэн, маннык поселениеларга баһылык быыбара ыытыллыаҕа:
Алдан куоратыгар, Аллараа Кураанах бөһүөлэгэр, Бөллөт эбэҥки национальнай нэһилиэгэр (Алдан); Бөрөлөөх, Юкагир национальнай нэһилиэктэргэ (Аллайыаха); Ботуобуйа, Чуона нэһилиэктэригэр, Айхал бөһ. (Мииринэй); Төбүлэх национальнай нэһилиэгэр (Муома); Черскэй бөһ. (Аллараа Халыма); Заречнай бөһ., Саҥыйахтаах, Улахан Муҥку, Хоро нэһилиэктэригэр (Өлүөхүмэ); Березовка национальнай көс нэһилиэгэр (Орто Халыма); Таатта, Даайа Аммата, Орто Амма, Уус Амма нэһилиэктэргэ (Таатта); Дьэр, 1-кы Малдьаҕар, Тумул нэһилиэктэригэр, Мохсоҕоллоох бөһ. (Хаҥалас); Түһэгиир, Үөһээ Бытантай, Аллараа Бытантай нэһилиэктэригэр (Эбээн Бытантай).
Маннык поселениеларга бэрэстэбиитэллээх уорганнар дьокутааттарын быыбара буолуоҕа.
Алдан куоратыгар, Аллараа Кураанах, Ленинскэй бөһүөлэктэргэ, Чагда нэһилиэгэр, Бөллөт эбэҥки национальнай нэһилиэгэр (Алдан); Чокуурдаах бөһ., Юкагир национальнай нэһилиэккэ (Аллайыаха); Ботуобуйа, Садын национальнай нэһилиэктэригэр (Мииринэй); Искра нэһилиэгэр (Нам); Березовка национальнай көс нэһилиэгэр (Орто Халыма); Таатта, Амма, Даайа Аммата, Дьохсоҕон, Игидэй, Октябрьскай, Орто Амма, Уус Амма нэһилиэктэргэ (Таатта); “Бэлкэчи сэлиэнньэтэ” СП (Уус Маайа); Дьэр, 1-кы Малдьаҕар, 5-с Малдьаҕар, Тумул нэһилиэктэригэр, Мохсоҕоллоох бөһ. (Хаҥалас); Түһэгиир, Үөһээ Бытантай, Аллараа Бытантай нэһилиэктэригэр (Эбээн Бытантай).
Улуус таһымыгар дьокутааттарга эбии быыбардар Дьааҥы, Уус Маайа улуустарыгар ыытыллыахтара.
Поселение таһымыгар дьокутааттарга эбии быыбар Тиксии бөһ. (Булуҥ); Далыр нэһилиэгэр (Үөһээ Бүлүү); Югоренок бөһ. (Уус Маайа) буолуоҕа.
Бэс ыйын 24 күнүн туругунан Саха сиригэр 215 муниципальнай быыбар буолара быһаарылынна, ол иһигэр 4 – улуус баһылыгын быыбара, 98 – поселение баһылыгын быыбара, 104 – поселение таһымыгар дьокутааттар быыбардара, 9 – улуус таһымыгар дьокутааттар быыбардара.
Арассыыйа олохтоохторо 2026 сылга мунньуллар биэнсийэлэриттэн 440 тыһыынча солкуобайы биир кэмнээхтик ылыахтарын сөп диэн РИА…
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһин пленарнай мунньаҕын улуустартан уонна нэһилиэктэртэн кэлбит…
Киин куоракка икки күн устата өрөспүүбүлүкэ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ үгүс дьокутааты…
Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруоска болҕомтотун ууруо диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…
“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…
Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…