Ханна эрэ сабыллаллар, ханна эрэ аһыллаллар

Share

Саха сиригэр эмтиэкэтэ суох нэһилиэк олохтоохторо наадалаах эмтэрин-томторун ылаары, улуус киинигэр эбэтэр биэлсэр-акушер пууннаах чугастааҕы нэһилиэктэргэ айанныырга күһэллэллэрэ баар суол. Оттон өрүс нөҥүө олорооччулар, дьыл икки кэмигэр күн-дьыл туругуттан тутулуктаналлар.

Эмтиэкэлэр тоҕо сабыллалларын эбэтэр тоҕо суохтарын ыйыталастахха, төрүөт элбэх буолан тахсар. Ыраах сыталлары хааччыйарга үп-харчы тиийбэт, тырааныспар тиийэрэ ороскуоттаах, дьоҕус бииси­нэс ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга аһарга интэриэ­һэ суох, аны дьиэтэ-уота баар да буоллаҕына, анал үөрэхтээх үлэһит суох эбэтэр эми-тому харайар усулуобуйата суох уо.д.а. Сүрүн төрүөт – эмтиэ­кэ баар буоларыгар нэһилиэн­ньэлээх пуун дьонун ахсаана эп­­пиэттээбэт.

Арассыыйаҕа балаһыанньаны ылан көрдөххө, пандемия кэмигэр эмтиэкэлэр киллэрэр үптэрэ-харчылара балачча элбии сылдьыбыт буоллаҕына, аны кэлин сааҥсыйа биллэриллэн, омук эмтэрэ атыыламмат буолан, киирэр үп-харчы аҕыйаабыт. Ити барыта, чуо­лаан чааһынай өттө сабылларыгар тиэрдибит. Сорохтор пандемияҕа диэри эмтээх препараттары маркировкалааһын наадатыттан сабыллыбыттар.

Ол да буоллар, үөскээбит балаһыанньаттан тахсарга үлэ ыытыллар, ол эбэтэр эми-тому атыылааһын атын көрүҥнэрин үөрэтэллэр, олоххо киллэ­рэллэр. Ити барыта эми-тому тириэрдии кыһалҕатын төрдүттэн быһаарбатаҕын да иһин, баар балаһыанньаны чэпчэтэр.

УЛУУСТАРГА ЭМИ-ТОМУ АТЫЫЛААҺЫНЫ ТЭРИЙИИ

СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр этэллэринэн, эмтиэкэлэр уонна эмтиэкэ пууннара суох сэлиэнньэлэргэ мэдиссиинэ пууннарын нөҥүө розничнай эргиэни тэрийии үлэтэ ыытыллар.

Эмтиэкэ эмтэрин атыылаһарга, ыраах сытар нэһи­лиэктэргэ уонна сэлиэнньэлэргэ эми тириэрдэргэ үбү көрүүгэ кыһалҕалар баалларынан, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ эмтиэкэ табаардарын оройуоннааҕы балыыһаларга биэрэр туһунан фармация улахан тэрилтэлэрин кытары кэпсэтиини ыытар. Ону таһынан, улуус кииннэриттэн ыраах сытар нэһилиэн­ньэлээх пууннарга эмтээх препараттары тириэрдэргэ көмөнү оҥорорго улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын кытары үлэ барар.

ДЬИЭҔЭ САКААСТЫАХХА СӨП

2023 сыл кулун тутар 1 күнүттэн, пилотнай быра­йыак быһыытынан, ырысыабынан бэриллэр эмтэри сакаас­таан дьиэҕэ аҕалтарыахха сөп. Ол эмтэр испииһэктэрин (900-тэн тахса) Доруобуйа харыс­табылын министиэристибэтэ бигэргэппитэ.

Билигин быраас анаа­быт эмин курьер аҕалан биэрэрэ кыайан сылдьыбат кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ, эйэчиилээх ыарыһахтарга, кыра оҕолоохторго уо.д.а. ордук табыгастаах.
Саха сиригэр улахан эмтиэкэ ыскылаат­таах «Сахафармация» ыраах сытар уонна суола-ииһэ табыгаһа суох нэһилиэктэри хабар туһугар онлайн-сакаастары ылыыны саҕалаабыта. Холобур, Нам улууһунаа­ҕы балыыһаны кытары пилотнай бырайыагы киллэрбиттэрэ. Бырайыак эми онлайн-­атыылааһыҥҥа (Интэриниэт-эмтиэкэ) уонна сэлиэнньэлэргэ биэлсэр-акушер пууннарын нөҥүө атыылааһыҥҥа хайысхаланар. Интэриниэт-сакааһы «Сахафармация» саайтын эбэтэр мобильнай сыһыарыытын нөҥүө оҥоһуллар. Бу быра­йыак толору кыаҕынан 2023 сыл бүтүүтүттэн – 2024 сыл саҥатыттан үлэлиирэ былааннанар.

«Сахафармация» АУо-ҕа нэһилиэнньэни кытары быһаччы сибээстэһэр туһуттан нэһилиэнньэ уонна тэрилтэлэр этиилэрин үөрэтэр отдел аһыллыбыта. Манна нэһи­лиэнньэттэн киирэр суруктары, этиилэри, үҥсүүлэри үөрэтэллэр уонна балаһыанньаны көннөрөргө, туох кыалларынан, үлэлииллэр.

ЫРЫСЫАБА СУОХ АТЫЫЛАСПАППЫТ?

Быйыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн эмтэри ырысыабынан эрэ атыылаһылларын туһунан сурах тилийэ көппүтэ. Ол гынан баран, хата ити сурах оруна суох буолбута. Ол эбэтэр, уларыйыылар эмтиэкэ үлэһиттэригэр уонна чэпчэ­тиилээх эмтэргэ, кытаанах ­учуокка ылыллар препараттарга эрэ эрэ сыһыаннаахтар. Ырысыаптаах эми атыылыылларыгар кинилэр «Честный знак» систиэмэҕэ ырысыап сиэрийэтин уонна күнүн-дьылын киллэриэхтэрин наада.

… ОЛ ЭРЭЭРИ, ЭМТИЭКЭЛЭР АҺЫЛЛАЛЛАР

2022 сыл 1 күнүттэн «О реализации лекарственных препаратов через аптечные пункты при ЦРБ на отдаленные участки в ФАП и врачебных амбулаториях» диэн федеральнай сокуон тахсыбыта.

Нам улууһунааҕы киин балыыһатын салалтата федеральнай пилотнай бырагырааманан эмтиэкэ пууннарын арыйар кыахтаммыта. Быйыл Нам улууһун ыраах сытар Маймаҕа уонна Хатырык сэлиэнньэлэригэр биэлсэр-акушер пуунун иһинэн эм­тиэкэ пууннара аһылыннылар. Бу күҥҥэ диэри эмтэрин оро­йуон киинигэр киирэн ылар этилэр. Нэһилиэнньэ тус сайаапкатынан үлэлиилэр.

Оттон Анаабыр улууһун Сааскылааҕар сабыллан турбут эмтиэкэ үлэтин сөргүппүтэ.

Римма Садовникова, Абый улууһун олохтооҕо:

– Абый улууһун Кэбэр­гэнэтигэр бу боппуруос сытыытык турар. Ааспыт сылларга эмтиэкэбит полик­линикаҕа баар этэ. Онон, ыалдьыбыт киһи доруобуйатын көрдөрүнэн, эмп атыылаһар кыахтааҕа. Быйыл поликлиникаҕа (балыыһаҕа) эмп атыыланарын тохтоппуттара. Тоҕо тохтоппуттарын билбэппин.
Билигин доруобуйа харыс­табылын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Нина Лазаревна Неустроева, нэһилиэнньэ кыһалҕатын өйдөөн, кулуупка хос уларсан үлэлиир.
Эмп боппуруоһа биһиэхэ сытыы боппуруоска кубулуйда. Ыалдьыбыт киһи быраас суруйбут ырысыабынан эмтэниэхтээх дии саныыбын.
Урбаанньыттар эми атыылыыллар. Ол гынан баран, кэмиэрчэскэй ха­­йысхалаах буолан, куораттан биһиэхэ кэлиэр диэри хас да бүк ыарыыр.

Наталья Иванова, Сун­таар улууһун олохтооҕо:

– Сунтаар улууһун киинигэр сүрүн эмтиэкэ дьиэтэ баар. Ону таһынан, поликлиника уонна ырыынак дьиэлэригэр 3 эмтиэкэ үлэлиир.
Нэһилиэктэри ылан көрдөххө, Сиэйэҕэ, Кута­наҕа, Күндэйэҕэ, Түбэй Дьаархаҥҥа эмтиэкэ пууннара үлэлииллэр, үгүстэрэ атын тэрилтэ дьиэлэригэр кыбыллаллар. Элгээйигэ туспа дьиэҕэ үлэлиир. Оттон Хоро уонна Устье олохтоохторо улуус киинигэр эбэтэр чугастааҕы нэһилиэктэн эрэ атыылаһар кыахтаахтар.
Сүрүн эмтэрбит син бааллар, суох буоллаҕына, са­­каастыыгын. Онон, наһаа улахан кыһалҕа суох курдук, син хааччыллан олоробут.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

3 часа ago