Соторутааҕыта Судаарыстыбаннай Дуумаҕа Арассыыйа оскуолатын үөрэнээччилэрин уруога элбэҕин, сиэри таһынан дьиэҕэ үлэ бэриллэрин туһунан кэпсэтии таҕыста. Мантан сиэттэрэн, Арассыыйа оҕолоро чахчы оннук улахан ноҕуруускалаахтар дуо, диэн атын дойдулары кытта тэҥнээн көрдүбүт.
Төрдө-төбөтө
“Оҕолорбут күҥҥэ, ортотунан, 8-10 чаас үөрэнэллэр. Бу сиэри таһынан буоларын төрөппүттэр элбэхтик суруйаллар” диэн Парламент палататын бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин тус телеграм-ханаалыгар иһитиннэрбитэ.
Ноҕуруускалыыр төрүөтүнэн төрөппүттэр үөрэх бырагыраамата өрүү уустугура турарын, күннээҕи уруоктара элбэҕин (8-ка диэри уруок), факультативка сылдьыыларын, тус бырайыагынан үлэлээһиннэрин, эбии үөрэхтээһини, дьиэҕэ үлэ элбэҕин, уустугун, хонтуруолунай үлэҕэ, эксээмэҥҥэ бэлэмнэниини, хас үһүс оҕо субуотаҕа үөрэнэрин ыйбыттар этэ.
Арассыыйаҕа
Арассыыйаҕа СанПиН ирдэбилэ баар. Холобур, 1 кылаас үөрэнээччитэ хас уруоктаныахтааҕыттан, урок хас мүнүүтэ буолуохтааҕыттан саҕалаан, биир оҕоҕо оскуолаҕа хас
кв. м көрүллүөхтээҕэр тиийэ ыйар, быһаарар. Онно олоҕурдахха, оскуола үөрэнээччилэрэ кылаастарынан күҥҥэ бу курдук уруоктаныахтаахтар:
– 1 кылаастарга – 4 уруок, физкултуура суотугар нэдиэлэҕэ биирдэ 5 уруок;
– 2-4 кылаастарга – 5 уруок, биэс үөрэх күннээх нэдиэлэҕэ физкултуура суотугар нэдиэлэҕэ биирдэ 6 уруок;
– 5 кылаастарга – 6 уруок, нэдиэлэҕэ биирдэ 5 уруок;
– 6 кылаастарга – 6 уруок;
– 7 кылаастарга – 6 уруок, нэдиэлэҕэ иккитэ сэттэлии уруок;
– 8 кылаастарга – икки күн сэттэлии уруок, үс күн алталыы уруок;
– 9 кылаастарга – алталыы уруок (6 күннээх үөрэххэ);
– 10-11 кылаастарга – алталыы уруок, нэдиэлэҕэ биирдэ – 7 уруок (6 күннээх үөрэххэ).
Эспиэртэр быһааралларынан, дьиэҕэ үлэ кээмэйэ оҕо сааһыттан тутулуктаах:
1 кылаастар: 1 чаас кэриҥэ;
2–3 кылаастар: 1,5 чааска диэри;
4–5 кылаастар: 2 чааска диэри;
6–8 кылаастар: 2,5 чааска диэри;
9–11 кылаастар: 3,5 чааска диэри.
Аны төрөппүттэн тутулуктаах ноҕуруусканы ылан көрүөҕүҥ. Уйулҕа үлэһиттэрэ 1 кылаас үөрэнээччилэрин бастакы икки чиэппэргэ үөрэҕи таһынан эбии куруһуокка биэрэ сатаабат ордук диэн сүбэлииллэр. Өскөтүн оҕо үөрэҕин ыарырҕатар буоллаҕына – 1 кылаас тухары. Оҕо үөрэҕин ситиһэр түгэнигэр 2-4 кылаас үөрэнээччилэригэр биир-үс куруһуок (хас биирдиитэ нэдиэлэҕэ иккилии-үстүү чаастаах) дьарык сөп буолар.
Бу хас биирдии оҕо кыаҕыттан, үөрэх бырагырааматын төһө ситиһэриттэн тутулуктаах. Күн аайы оҕону ойутан туруора-туруора оскуолаҕа атаарыы, үөрэҕин кэнниттэн төлөпүөҥҥэ олорботун, доруобуйатын кэбирэппэтин диэн араас дьарыктарга, куруһуоктарга суруйтарыы, аны үөрэҕэр мөлтөөн эрэр диэн эрэпэтиитэрдэринэн сырытыннарыы, итини таһынан, эксээмэннээх кылаастарга консультацияларын эбэн кэбис… Быһатын, үлэлээх-хамнастаах улахан дьон курдук күн иллэҥэ суохтар. Ити этэр ноҕуруускалара бу курдук үөскүүр.
Тас дойдуларга
Аны дьиибэҕэ тас дойдулары кытта тэҥнээн көрүөххэ. Үөрэх бырагырааматын ситистиннэр диэн кинилэр даҕаны араас усулуобуйалаах эспэримиэннэри киллэрэллэр. Биир дойдуга оҕолор оскуолаҕа 2000 күн үөрэнэллэр, иккискэ – 2500 күн. Биир оскуолаҕа бириэмэлэрин биэс чааһын ыыталлар, атыҥҥа – күн аҥаара.
Саамай уһуннук оскуола паартатыгар Италия оҕолоро олороллор эбит, 13 сыл үөрэнэллэр. Саамай кылгастык – Бельгияҕа. Бырагыраамалара 12 кылааска суоттанар, 1896 күн тахсар эбит. Маныаха сэрэдэҕэ толору үөрэммэттэр, нэдиэлэ ортото оҕолору сынньатан ылаллар. Ити курдук ырытан көрдөххө, саамай кылгастык Ирландияҕа (1939 күн), Францияҕа (1998 күн), Португалияҕа (2076 күн) үөрэнэллэр эбит. Италия кэнниттэн уһуннук Исландияҕа (2520 күн), Чехияҕа (2509 күн), Словакияҕа, Великобританияҕа уонна Норвегияҕа (2470-нуу күн) үөрэнэллэр. Эмиэрикэҕэ, Турцияҕа, Австрияҕа ортотунан 2160 күн тахсар.
Урут киһи күҥҥэ 8 чаас үлэлиэхтээх диэн ирдэбил баара. Ол эрээри, ити тутуһуллубат буолбута быданнаата. Онтон сиэттэрэн оскуолаҕа үөрэх чааһа, күнэ эмиэ уратылаһар. Хайа эрэ дойдуга нэдиэлэҕэ түөрт күн үөрэнэллэр, атын сиргэ алта күн. Манна даҕатан эттэххэ, бэл диэтэр, Япония курдук дойдуга биэс күннээх үлэ нэдиэлэтигэр көстүлэр диэн суруйаллар.
Кытай, Япония, Франция
Кытай курдук үлэһитинэн аатырар, сарсыарда тыҥ хатыыта уһуктар дьон оҕолоро күнүс эбиэт кэмигэр утуйан ылыахтарын сөп, бу сокуонунан көҥүллэнэр. Бу дойдуга 12 сыл үөрэнэллэр, үс сүһүөхтэн турар. Арассыыйаны кытта тэҥнээн көрдөххө, ноҕурууската быдан элбэх. Бу сүрүн төрүөтэ – иеороглиф. Үөрэнэллэрин былаһын тухары хас да тыһыынча иеороглибы үөрэтэллэр. Оҕолор үксүгэр 16 чааска диэри үөрэнэллэр, дьиэҕэ үлэни, эбии дьарыгы учуоттаатахха, түүн үөһүн саҕана биирдэ утуйаллар.
Японияҕа ахсааҥҥа уонна азбукаҕа сүрүн билиини уһуйааҥҥа үөрэтэллэр. Оскуолаҕа 6-7 саастарыгар номнуо бэлэм дьон киирэллэр. Эмиэ 12 сыл үөрэнэллэр, алта күннээх үөрэх. Үс түһүмэхтэн турар: алын оскуола (6 сыл), орто уонна үрдүкү кылаастар (үстүү сыл). Итинтэн бастакы тоҕус сыл булгуччулаах. Салгыы үөрэнии – төлөбүрдээх уонна уустук. Онон үрдүкү кылаастар киэһэ 8 чааска диэри үөрэнэллэр.
Европа дойдуларыттан биир бастыҥ үөрэхтээҕинэн Франция биллэр. Манна 6-16 саастаах оҕолор булгуччу босхо үөрэнэллэр. Барыта 13 сыл үөрэнэллэр: алын оскуола, кэллиэс, лиссиэй.
Саха сиригэр
Саха сирин оҕолоро өссө ноҕуруускалаахтар. Тоҕо? Саха сирин оҕолоругар, уопсайынан, национальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ төрөөбүт тылы үөрэтии чааһа эбии киирэн биэрэр. Саха сиригэр – бу саха тыла, саха литэрэтиирэтэ.
Билигин Дьокуускайга нуучча кылааһыгар үөрэнэр алын кылаас оҕолоро субуотаҕа үөрэммэттэр. Саха оҕолоро субуота ахсын сарсыарда аргыый аҕайдык, ууларыгар аҥаарыйан хааман иһэр буолаллар. Саха тыла, литэрэтиирэтэ баар буолан ирдэниэхтээх чаас биэс күҥҥэ баппатын иһин, хаалбыт чаастарын субуотаҕа үөрэтэллэр. Биир үксүн ол да иһин, оҕо ноҕуруускатын кыччатаары, саха оҕолорун төрөппүттэрэ нуучча кылааһыгар көһөрөллөр, үөрэттэрэллэр. Мантан сиэттэрэн толкуйдаатахха, итиэннэ атын тас дойдулары кытта тэҥнээн көрдөххө, өскөтүн уруок таһынан эбии дьарыгы, консультацияны сөпкө, ортотунан көрөн дьүөрэлээтэххэ, Арассыыйа киин өттүн оҕолорун ноҕурууската арыый кыра курдук. Ол эрээри, эксээмэннэр, бэрэбиэркэлиир үлэлэр, хонтуруолунайдар, эбии дьарыктар эбиллэн, оҕо дьиэтигэр олорор, сынньанар күннээҕи бириэмэтэ кыччаан тахсар. Дьэ, төрөппүттэр ол иһин туруорсан эрдэхтэрэ…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038
Боксер Василий Егоров "Вызов Севера" күрэхтэһиигэ кыайыытынан спортивнай карьератын түмүктээтэ. Кини бу туһунан бэйэтин тус…