Ханна сынньаныахха?

Share

Сиинэ очуостара, Сэттэ Дабаан хайата, Буотама өрүс: Саха сирин устун айаннаа уонна “Уһук Илин – мулчүргэннээх сырыы дойдута” куонкуруска кытын.

Саха сиригэр ханна сынньаныахха сөбүн туһунан кылгастык кэпсиибит. Онно эһиги ыраах айаҥҥа турунан, видеоҕа устан, “Уһук Илин – мулчүргэннээх сырыы дойдута” куонкуруска кыттыаххытын сөп. Куонкуруска кыттаргыт туһунан 2024 сыл ахсынньы 30 күнүгэр диэри иһитиннэриҥ, биирдии номинацияҕа биирдии айаҥҥа кыттыаххытын сөп.

Сатыы айан (сатыы бохуот, бэлэсипиэтинэн Ийэ айылҕаҕа айан):

Муома айылҕа паарката – бу айылҕа оҥорбут пааматынньыктарын көрөргө ураты сир (Черскэй сис хайата, Динозаврдар Сымыыттара, Мрамор хайата, Улахан Муома тарыҥа);

“Халыма аартыга” – бу Саха сирин историятыгар киирбит сир. Суол Алларааа Бэстээхтэн саҕаланар уонна Таатта, Чурапчы, Томпо уонна Өймөкөөн оройуоннарын уҥуордуур. Массыына суолунан айаннаан иһэн Илин Сибиир кэрэ хайатын – Сэттэ Дабаан сис хайатын көрүөххэ сөп:

“Сэттэ Дабаан сис хайата” – бу хайаттан Саха сирин хайалаах илиҥҥи өттө саҕаланар. Бу уһуна 650 км, үрдүгэ – 2 тыһыынча миэтэрэ. Томпо, Уус Маайа оройуоннарынан ааһар.

Уунан айан (өрүһүнэн устуу, муоранан устуу, уу аннынан айаннааһын, серфинг):

Сиинэ өрүс  — туристар ортолоругар саамай киэҥник биллэр маршрут. Өрүс Саха сирин үс оройуонунан ааһар. Сүрүннээн Горнай оройуонуттан Уорааннаах диэн сиртэн айаннарын саҕалыыллар.

Буотама өрүс – өрөбүл күннэргэ уста барааччыларга табыгастаах, аргыыйдык устар өрүс буолан, дьиэ кэргэнинэн сынньанарга үчүгэй. Манна  Уус Буотамаҕа ойуур бизоннара бааллар.

Кэрэ көстүүлээх Амма эбэ. Биэрэги кыйа айылҕа бэйэтэ оҥорбут пааматынньыктара – Амма очуостара, Харама Хайата, Короленко хайата бааллар.

Кыһыҥҥы айан (хайыһар бохуота, ытынан айан, кыһыҥҥы бэлэсипиэтинэн айан, сноубординг): Ыты көлүйэн “Дьол” туркомплекстан айанныылар.

Өлүөнэ эбэ – “Дьокуускай-Аллараа Бэстээх” кыһыҥҥы суолунан бэлэсипиэтинэн айан. Биир күннээх бохуокка  сылдьыахха сөп.

Санаттахха, Уһук Илин туһунан мүлчүргэннээх сырыылар ааптара 3 мөл. солкуобайы ылыаҕа, үс номинацияттан бииригэр бастаабыт – 1 мөл. солкуобайы, номинацияларга 2 миэстэ иһин – 300 тыһ. солкуобайы, 3 миэстэҕэ – 100 тыһ. солкуобайы.

Сиһилии быраабыла дьиҥ таһымнаах саайтка: путешественникдв.рф

Куонкурус РФ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – РФ Бэрэсидьиэнин УИФУо-ҕа боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көҕүлээһининэн тустаах боломуочунай аппараатын, Арассыыйа Уһук Илиҥҥи сайдыыга министиэристибэтин, Уһук Илин уонна Арктика сайдыытын корпорацията” АУо, “Социальнай көҕүлээһиннэр сайдыыларын пуондата” НКО өйөбүллэринэн ыытыллар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна   Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муҥха байыастар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр соруктаах тэрилиннэ

Байыастар дьиэ кэргэттэрин өйүүр сыаллаах муҥха Нам улууһугар Хатырыкка тэрилиннэ. Манна СӨ Ил Дарханын уонна…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үҥкүү национальнай тыйаатыра 45-с сезонун арыйда

Сергей Зверев-Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатыра Саха сирин национальнай култууратын киэн туттуутунан, хотугу өрөспүүбүлүкэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыччат үлэҕэ хамсааһынын тэрийсибитэ

1985 сыл. Дьокуускайбыт биир бэлиэ, сэргэх, соторутааҕыта тутуллубут дьиэтигэр — Бэчээт дьиэтигэр — “Эдэр коммунист” хаһыат саамай туллубат…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕо суохха балыллыы…

Маарыйа холкуос лааппытыгар атыылааччынан үлэлии сылдьара. Кэргэнэ айылҕаттан кыахтаах буолан, ыраах атынан таһаҕас тиэйиигэ бэдэрээттэһэ…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра Кытайга гостуруоллаан кэллэ

2024 сыл Саха сирин култууратын тэрилтэлэригэр Оҕо тыйаатырын ускуустубатын сылынан биллэриллибитэ. Биллэриллибит сыл чэрчитинэн, СӨ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сылгы идэһэ

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago