Салгыы
Ханнык былаастык куттала суоҕуй?

Ханнык былаастык куттала суоҕуй?

Ааптар:
29.07.2023, 16:15
Таилаҥҥа пластигы туттары кыччатарга ыҥырар инсталляция. Ааптар хаартыската
Бөлөххө киир:

Учуонайдар этэллэринэн, биһиги судургутук “былаастык” диэн ааттыыр эттикпит төһө баҕарар элбэх көрүҥнээх буолуон сөп. Былаастык тыһыынчанан көрүҥэ күн бүгүн араас эйгэҕэ туһалыы, туттулла сылдьар. Ол эрэн, сүрүн туттууга былаастык биэс-алта эрэ көрүҥэ баар. Иһиппит-хомуоспут, кэтэр таҥаспыт ханнык полимердартан турарый?

Сүрүн туттар былаастыкпыт

Онус кылаас химиятын өйдөөн, арыый чопчулаан ааттаатахха, былаастык бары көрүҥнэрин органическай полимердар диэн ааттыахха сөп. Углерод холбоһууларын араастаан уларытан киһи ааҕан сиппэт араас эттиктэри оҥоруохха сөп. Олортон полимердар биир саамай бөҕөлөрө буолаллар. Ол эбэтэр, араас дьайыыга бэриммэт, сөптөөхтүк тутуннахха урусхалламмат туруктаахтар. Ол иһин үйэ кэриҥэ кэм кэрчигэр мас, таас, муос, тимир курдук айылҕа матырыйаалларын солбуйан, олох араас эйгэтигэр туттуллар буолбуттара. Былаастык эргиччи баар — уу куттар уһааппыт, ас харайар иһиппит, таҥнар таҥаспыт, туттар малбыт улахан аҥаара былаастыктан турар. Омос көрдөххө, бу аныгы кэм матырыйаалын тыһыынча тус-туспа көрүҥүн туттабыт. Ол эрэн, ис-иһигэр киирдэххэ, киһи-аймах былаастык биэс көрүҥүнэн эрэ 90% туттар. Бу ханнык былаастыктарый? Ааттаатахха, барыларын син хаһан эрэ истибит буолуохтааххыт: полиэтилентерефталат (ПЭТ), полиэтилен, поливинилхлорид (ПВХ), полипропилен (PP) уонна полистирол. Утах куттар бытыылкаларбыт, өйүө ас уктар иһиппит, бачыыҥкабыт уллуҥа, түннүкпүт араамата, олоппоспут сымнаҕас олбоҕо уо. д.а. күннээҕи туттар малларбыт бу матырыйааллартан тураллар. Хаалбыт 10% полимеры таҥас гынан таҥнабыт (нейлон, вискоза уо. д.а.) уонна уустук оҥоһуулаах технологияларга туттабыт.

Былаастык олоҕу тупсарар

Дьон олорор сириттэн ханна эрэ тэйиччи айаннаатахха, ыһыгы хостоон үссэнэр кэмҥэ куруутун бэрт аҕыйах кэмнээҕи уруккуну санаан ылабын. Өйдүүгүт, утаҕы ханнарарга анаан арыгы иһитин туттарбытын? Оччолорго эриллэр бүөлээх, кэтит иэннээх “вермут” бытыылката “күндү” иһит буолара. Онтон 90‑с сыллартан ПЭТ бытыылкалар үөдүйүөхтэриттэн таас бытыылканы туттартан тэйбиппит. Чэпчэки ыйааһыннаах, үлтүрүйбэт ПЭТ иһит утаҕы куттарга саамай көдьүүстээх матырыйаал буолбута.

Ити курдук, былаастык үгүс эйгэҕэ тыһыынчанан сыллар тухары туһалаабыт айылҕа матырыйаалларын солбуйбуттара. Күндү сыаналаах каучук оннугар атах таҥаһын уллуҥун ПВХ солбуйбута, күндү сыаналаах мас оҥоһуктар оннуларыгар чаастатык полипропилены туһанар буолбуппут, оннооҕор сыттыкпыт иһигэр көтөр түүтүн оннугар былаастыктан оҥоһуллар холлофайбер солбуйда (ол эрэн, тус бэйэм хаас түүтэ сыттыкпын быдан ордоробун).

Былаастык сүрүн өҥөтүнэн үгүс туттар малбыт сыанатын чэпчэтэн олохпут хаачыстыбатын тупсарбыта буолар.

Былаастык кыһалҕата

Органическай полимердар саамай бастыҥ уратылара — үйэлээх, урусхалламмат туруктара кыһалҕаны эмиэ үөскэтэр. Аныгы үйэ биир быһаарылла илик кыһалҕата — аан дойдуга былаастык бөх мунньуллуута. Сытыйан ымыйан бараммат бөх күн-түүн мунньулла турар, айылҕаны, байҕалы биир гына тарҕанар. Аныгы санитарнай ирдэбил оннооҕор күн аайы сиир килиэппитин полиэтилен суута суох атыылыыры бобор. Бу кыһалҕаны быһаарар туһугар элбэх сыра, үп баранар эрээри, өтөрүнэн быһаарыллыа суох быһыылаах.

Иккис кыһалҕа — былаастык киһи доруобуйатыгар буортута суоҕун туһунан этиллэр эрээри, туттуу быраабылатын кэстэххэ, бэрт куһаҕан дьайыылаах буолуон сөп. Ону өйдүүр туһугар, били ааттаабыт биэс былаастык көрүҥнэрин биир-биир ырытан көрүөҕүҥ.

Полиэтилен-терефталат (ПЭТ)

Бу матырыйаалы үксүн биирдэ туттуллар бытыылка быһыытынан туттабыт. Аатырбыт “роса бытыылката”. Дьиҥэр, бэртээхэй былаастык, бөҕө-таҕа, умайдаҕына доруобуйаҕа буортулаах эттиктэри таһаарбат. Микроволновай оһоххо угар көҥүллэммэт — уу оргуйар сылааһыгар хомуруйар, быһыытын сүтэрэр. Ол эрэн, сүрүн мөкүтэ — күн уотугар “кыайтарара”. Маннык бытыылканы күн уотун анныгар уурдахха, этиленгликольга уонна терефталевай кислотаҕа арахсар. Чопчулуох тустаахпыт — сырдатар лаампа анныгар төһө да күүстээх уоттаах буоллар, ПЭТ буорту буолбат — күн сардаҥатыгар баар ультрафиолетовай сардаҥалар ПЭТ туругун алдьатар кыахтаахтар. Этиленгликоль уонна терефталевай кислота дьоҕус кээмэйдэрэ киһи доруобуйатыгар дьайыыта суохтар. Ол эрэн, өр кэм устата тутуннахха, куһаҕан дьайыылаах буолуон сөп. Уонна утах амтаныгар дьайарын бэйэҕит да бэркэ билэргит буолуо, утаҕы ПЭТ иһиккэ өр илдьэ сырыттахха, хос амтан баар буолааччы.

Полиэтилен

Сорох дьон былыргылыы “салапаан” диэн ааттыыр тэпилииссэни бүрүйэргэ туттуллар матырыйаал, дьиҥэр, полиэтилен буолааччы. Бу дьэҥкир полимер сүрүн суулуур, бүрүйэр матырыйаалбыт буолар. Ону таһынан, полиэтилен биир көрүҥэ (полиэтилен низкого давления, HDPE) иһит оҥорорго туһаныллар. Шампунь, эмп хаата, хаппах арааһа оҥоһуллар. Бу ааттаммыт биэс полимердартан саамай куттала суох көрүҥ. Араас тургутуулар көрдөрөллөрүнэн, полиэтилен доруобуйаҕа мөкү дьайыыта суох. Олус элбэх эйгэҕэ туттуллар буолан сири-сибиири, байҕалы биир гына ыһыллыбыт былаастык.

Поливинилхлорид (ПВХ)

Бу былаастык саамай кутталлаах матырыйаалынан ааҕыллар. Маннык полимертан араас турбалары, түннүк арааматын, электричество ситимин изоляциятын, оҕо оонньуурун оҥороллор, уопсайынан олус киэҥ эйгэҕэ туһалыыр. Дьиҥэр, ПВХ күннээҕи туттууга туох даҕаны дьайыыта суох, бу матырыйаалынан оннооҕор мэдиссиинэ тэриллэрин оҥороллор. Ол эрэн, бу былаастык умайдаҕына, доруобуйаҕа куһаҕан дьайыылаах эттиктэри таһаарар. Диоксин диэн олус мөкү дьайыылаах гаас ПВХ умайдаҕына үөскүүр, бу канцероген күүстээҕэ. ПВХ куһаҕаннык умайар (ол иһин изоляцияҕа тутталлар) эрээри, сыбаалка умайдаҕына, атын умайар эттик уотун суоһугар бэринэр.

Оччотугар тоҕо бу былаастыгы туттууну бобон кэбиспэттэрий? Поливинилхлорид олус табыгастаах матырыйаал үгүс дьайыыга бэриммэт, сорох эйгэҕэ солбуйар кыахтаах чэпчэки матырыйаал суох. Онон табаары оҥорооччулар бу полимеры сөбүлээн туһаналлар.

Полипропилен (PP)

Өскөтүн иһиккэ “микроволновкаҕа угар көҥүллэнэр” диэн бэлиэлээх буоллаҕына, 99% полипропиленынан оҥоһуллубут иһит буолар диэн сэрэйэбит. Ас харайар иһити үксүн бу былаастыгынан оҥороллор. “Биирдэ туттуллар” иһит барыта кэриэтэ полипропилен.

Сүрүн куттала, бөх мунньуллуутугар саамай улахан кылааттаах былаастык буолар. Олус элбэх полипропилен күннэтэ туттуллар буолан сиэрэ суох элбэхтик бөххө быраҕыллар, сыбаалкаларга мунньуллар. Полиэтилены кытта иккиэн бу полимердар саамай элбэх кыайтарбат бөх буолаллар.

Полистирол

Оҕо оонньуурун оҥорууга уонна сылааһы тутар матырыйаал быһыытынан үгүстүк туттуллар. Сөп-төөх температураҕа туох да дьайыыта суох, ол эрэн, күүскэ сылыттахха стиролга кубулуйар, бу доруобуйаҕа үчүгэйэ суох дьайыылаах эттик. Умайдаҕына, элбэх курунньугу үөскэтэр. Курунньук эмиэ киһи этигэр-сиинигэр куһаҕан дьайыылааҕа дакаастаммыт эттик.

Сыттаах былаастык кутталлаах дуо?

“Кытай сыта” диэн ааттыыр, саҥа табаарга ардыгар баар сыт бу оҥоһукка туһаныллыбыт былаастык куһаҕаннык оҥоһуллубутун дакаастыыр, араас кытаатыннарар, кырааскалыыр, полимеризация хаамыытын күүһүрдэр эбиискэлэр туһаныллаллар. Сөптөөхтүк ыытыллыбыт үлэ түмүгэр бу эбиискэлэр олоччу суох буолаллар. Оттон холобур, үлэни түргэтэтээри эбиискэ өлүүтүн элбэттэхтэринэ, сорҕото ситэ суураллыбат, оччоҕуна “кытай сыта” хаалар. Бу сыты көбүтэр эттиктэр доруобуйаҕа охсуулаах буолуохтарын сөп. Онон сыттаах табаары атыылаһартан туттунуҥ, эбэтэр үчүгэйдик салгылатан баран туһаныҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: