Салгыы
Ханнык эйгэҕэ үлэһиккэ наадыйалларый?

Ханнык эйгэҕэ үлэһиккэ наадыйалларый?

06.05.2023, 19:45
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр дьарыктаах буолууга судаарыстыбаннай кэмитиэт иһитиннэрэринэн, бастакы кыбаартал түмүгүнэн Саха сиригэр 11,1 тыһыынча бакаансыйа баар.

Бу ааспыт сыл ити кэминээҕи көрдөрүүтүттэн 3,4% элбэх. Оробуочай идэлэртэн: силиэсэр, машинист, электромонтер, электросилиэсэр, моторист наадалар. Барыллаан ааҕыынан, хамнас муҥутуур кээмэйэ (200 тыһыынчаттан тахса солкуобай) вездеход суоппара, массыына суоппара, бульдозер машиниһа, кыраан машиниһа уонна үүттүүр тэрил машиниһа идэлэргэ ааҕыллар.

Оробуочай каадырдарга «АЛРОСА», «Аэропорт Якутск», «Якутуголь», «Теплоэнергосервис», «Государственная противопожарная служба РС(Я)»,  «Эльгауголь», «УК «Колмар»,   ЛОРП, «ДГК», «Нерюнгринская ГРЭС, «Сахаэнерго», «ПТВС», «Якутскэнерго» курдук бырамыысыланнас, тырааныспар уонна энергетика тэрилтэлэрэ наадыйаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 января
  • -24°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 80% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: